Якутские буквы:

Якутский → Якутский

имиллэҥнээ

туохт. Биир тэҥник имиллэн хамсаа. Извиваться равномерно, ритмично
Күөх буруо субуруйар. Синньигэс, күөх сурааһыннар имиллэҥнии, эриллэ иилсэллэр. Н. Лугинов
Айан дьонун иннилэригэр ыраах биэрэги кэриччи үүммүт имиллэҥнии турар күөх иирэлэрдээх арыы көстөр. Эрилик Эристиин
Сэмэнчиктээх иккиэ буолан мэһиллибит буору даар үрдүгэр эһэн имиллэҥнии тураллар. М. Доҕордуурап

Якутский → Русский

имиллэҥнээ=

равн.-кратн. от имилин=; эрбии имиллэҥнии сылдьар эта пила всё время гнётся (при распиловке).


Еще переводы:

пружинить

пружинить (Русский → Якутский)

несов. имиллэҥнээ, тыыллаҥнаа.

мэһилин

мэһилин (Якутский → Якутский)

мэһий диэнтэн атын
туһ. Сэмэнчик иккиэ буолан мэһиллибит буору даар үрдүгэр эһэн имиллэҥнии тураллар. М. Доҕордуурап

бигэлдьий

бигэлдьий (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Күдэхтээхтик имиллэҥнии хамсаа. Двигаться гибко, энергично
Хобороос томтоҕор түөһэ урут көстө, оргууй хааман бигэлдьийэн эрэр. А. Сыромятникова

имиллэҥнэтэлээ

имиллэҥнэтэлээ (Якутский → Якутский)

имиллэҥнээ диэнтэн төхт
көрүҥ. Куулугар бүк баттатан хайдах эрэ бүтүн бэйэтинэн имигэстик имиллэҥнэтэлиирин көрөбүн. Ч. Айтматов (тылб.)

нанат

нанат (Якутский → Якутский)

нанай диэнтэн дьаһ
туһ. Эмискэ, дэһээтинньик сололоох тойон, Сээдьэҥкэ доҕолоҥноон сиһин кэдэтэн, түөһүн нанатан тиэрэ имиллэҥнээн киирэн кэллэ. Күннүк Уурастыырап

өҕүллэҥнэс

өҕүллэҥнэс (Якутский → Якутский)

I
өҕүллэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Арыы тумсунааҕы талахтар буруукка оҕустаран, араастаан өҕүллэҥнэһэн, лабаалара сүтэ-сүтэ, уу анныттан эмиэ хаамсан тахса-тахсалар, тимирэн испиттэрэ. Д. Таас
Сүр дьоннор сүгүллэҥнэһэн, Өөх дьоннор өҕүллэҥнэһэн Маҕаһыыҥҥа малаарыстар, Чаайынайга чалаарыстар. «ХС»
II
даҕ. Имиллэҥниир, имиллэҥнии-имиллэҥнии көнөр, имигэс. Гибкий, упругий, пружинистый. Өҕүллэҥнэс тимир
Дьэ бу собуокка мин каучугу көрбүтүм
Ол кыһыллыҥы-бороҥуй өҥнөөх чиҥ-чаҥ өҕүллэҥнэс лиистэр этилэр. ЮГ КХЭДьС
Үрдүк хонууга гимнастар өҕүллэҥнэстэр, чырбаҥнастар. А. Барто (тылб.)

куйбаҥ

куйбаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ. Төттөрү-таары хамныыр, биэрэҥниир, имиллэҥниир. Извивающийся, виляющий, вертлявый
Кураанах хоспоҕун көрүөлүүр, Кулуту хомолто көмүллүүр... Куйбаҥ кыыс — тыал күтүр көрүлүүр, Ходуул от үрдүгэр үҥкүүлүүр. Эллэй

сордоҥнуу

сордоҥнуу (Якутский → Якутский)

сыһ. Сордоҥ курдук. Как щука, подобно щуке
Сундулуйар сордоҥнуу Тимирэн, умустубут Дибилийэр Дириҥ муораҕа. П. Тобуруокап
Эрбии тыыннаах сордоҥнуу илиитигэр имиллэҥниир. А. Твардовскай (тылб.)

имиллэҥнэс

имиллэҥнэс (Якутский → Якутский)

I
имиллэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Уолаттар утуусубуу, куоталаспыт курдук, имиллэҥнэспитинэн бардылар
II
даҕ. Имиллэ хамсыы турар. Извивающийся
Көҕөрүмтүйэ кытарбахтыыр имиллэҥнэс төлөн күтүр улахан тыллара, иэҕиллэ түһэ-түһэ, сыҕарыйдар сыҕарыйан истилэр. Софр. Данилов

куйбай

куйбай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Эргичиҥнээ, мунньаҥнаа, имиллэҥнээ (туох эмэ уһун, синньигэс, имигэс туһунан). Извиваться, вилять (хвостом, длинным телом), плавно изгибаться
Куонаан хантайан көрдө уонна: «Хамыйах сулус кутуруга куйбайа илик, эрдэ...» — диэтэ. М. Доҕордуурап