түөлбэ.
1. аат. Күһүҥҥү, сааскы дьыбардарга кылгастык буолан ааһар кыра тоҥоруу. ☉ Быстро тающий иней, заморозь снега (осенью, весной)
Хатааһына уһунун, Хатаҥата уһугун... Саас да бөҕө буолла Саргылаах Сайсарыга. С. Данилов
Бэрт да буолар хайыһар Хаар хатаҥа кэмигэр, Сыыр аннынан халыйар, Суол устунан да сүүрэр. И. Чаҕылҕан
Күнүскү ириэһин кэнниттэн киэһээҥҥи хатаҥа түһэн, суол бадараана тортуйбут эрээри, хаамарга билигин даҕаны инчэҕэй этэ. Тумарча
2. даҕ. суолт. Тоҥот түһэрэр, тоҥорор. ☉ Образующий иней (напр., о заморозках)
Хайыһар тэбиэххэ, Хаҥкынан сүүрүөххэ Хатаҥа сарсыарда Алыс да аатырда! Болот Боотур
Түүн хатаҥа тымныылаах дьыбар үтэн кэлэр, айанньыты күнүс илийбит таҥас эпсэри ылар. И. Никифоров
Хатаҥа түүн ааһан — сыттым... В. Миронов