Якутские буквы:

Якутский → Русский

итэҕэстээх

1) имеющий недостаток, изъян; с... недостатком, с... изъяном; 2) имеющий недостачу, растрату; сыл түмүгүнэн итэҕэстээх буолбуттар по итогам года у них имеется недостача.

Якутский → Якутский

итэҕэстээх

даҕ.
1. Омсолоох, кыаллыбатах өрүттээх. Имеющий недостаток, изъян
Мин санаабар, бу хартыына итэҕэстэрдээх. С. Ефремов
Били дьыаланы, туох эрэ итэҕэстээх эбит диэн көрдөппүтэ, дьыалалара суох буоллаҕа дии. Н. Павлов
2. Арыстырааталаах. Имеющий недостачу, растрату
Сыл түмүгүнэн итэҕэстээх буолбуттар.  Баҕар, итэҕэстээх буолуом. Ону Үчүгээйэп харчыта сабыа. С. Ефремов
[Маайыс:] Итэҕэстээх буоллаҕына, бэйэтэ төлөөтүн. Эн тоҕо холкуос үбүгэр кини кирдээх илиитин уктараҕын? С. Ефремов


Еще переводы:

неисправный

неисправный (Русский → Якутский)

прил
сатайбыт, алдьаммыт; итэҕэстээх

эҥкиллээ

эҥкиллээ (Якутский → Якутский)

туох
1. Итэҕэстээх, алҕастаах оҥор. Делать что-л. с изъяном, ошибаться, промахиваться.
2. Туох эмэ итэҕэстээҕин, алҕастааҕын бул, быһаар. Находить изъян, находить ошибку, промах в чём-л.

хоруотас

хоруотас (Якутский → Якутский)

хоруотаа диэнтэн холб. туһ. Куоталаспыт курдук бэйэ-бэйэбитин хоруотаһабыт, ким ордуктааҕын, итэҕэстээҕин ырытыһабыт. «ХС»

сапоги

сапоги (Русский → Якутский)

мн. (ед. сапог м.) саппыкы; # два сапога пара атыылыы дьон, араа-бараа дьон (биир уопсай итэҕэстээх дьон).

былдьаттар

былдьаттар (Якутский → Якутский)

былдьат диэнтэн дьаһ
туһ. Итэҕэстээх иэскэ киирэр Имитиилээх дьыл кэллэ, «Бастааҕы бырыһыаҥҥа былдьаттарар быһылааннаах дьыл кэллэ» туһунан хомолтолоохтук, санаа түһүүлээхтик этиллэр. Эрчимэн

омсолон

омсолон (Якутский → Якутский)

туохт. Биллэр-көстөр итэҕэстээх, сириллэр өрүттээх буол. Иметь крупный изъян, недостаток, порок
Олохпор арыт алҕаһааммын Омсолонор курус күммэр Таптыыр-ахтар ырыаларым Иэйэн-куойан кэлэллэр. Н. Дьяконов
Ардыгар, хомойуох иһин, бэрээдэк өттүнэн омсолоноллор. «Кыым»

быраак

быраак (Якутский → Якутский)

аат. Ханнык эмэ дьиэктээх, итэҕэстээх оҥоһуллубут табаар, оҥоһук. Брак (производства)
«Өссө нуормалаах баҕастаах», — агроном бу сырыыга, көрөн туран быраагы оҥорор киһиттэн абаран, кэлэйбиттии саҥарда. П. Егоров
Үлэлиир эбээһинэстэригэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаспат дьон: луодурдар, борогуулсуктар, быраагы оҥорооччулар биһиэхэ өссө да көрсөллөр. «Кыым»

омсолоо

омсолоо (Якутский → Якутский)

туохт. Кими-тугу эмэ итэҕэстээх, сириллиэн сөп дии санаа. Считать кого-что-л. имеющим крупный изъян, недостаток
Кини уопсайынан даҕаны сир үрдүгэр омсолооботоҕо, «бу үчүгэй» диэн сөбүлүүрэ суоҕун кэриэтэ. Н. Лугинов
Сүөсүһүтүнэн мөкү буолуо, Асчытынан абааһы буолуо, Дьиэһитинэн нэгэй буолуо. Ону омсолообот буоллаххына, Кэргэн кэпсэт дэстилэр. С. Васильев

сыыһалаахтык

сыыһалаахтык (Якутский → Якутский)

сыһ. Дьиэктээхтик, итэҕэстээхтик. С ошибками, с изъяном
Бу сири туһаныы ааспыт буор түҥэтиктэргэ сиэри таһынан сыыһалаахтык барбытын бар дьон билэн олороллор. М. Доҕордуурап
Сорох чинчийээччилэр тардыалатар, хоҥсуо, сыыһалаахтык саҥарар, олус биллэр диалектнай уратылаах эҥин дьон иитээччинэн үлэлииллэрэ табыллыбатын ыйаллар. КИИ ОЧСҮөГ

эрэбиисийэ

эрэбиисийэ (Якутский → Якутский)

аат. Тэрилтэ эбэтэр дуоһунастаах киһи үлэтин бэрэбиэркэлээн, төһө сокуоннайын, итэҕэстээҕин быһаарыы. Обследование чьей-л. деятельности на законность, ревизия
[Элэгэлдьийээн] эрэбиисийэҕэ хаптаран, эриттэрэн иһэн, сорҕотун төлөөн …… Элэс гынан биэрбит. Р. Баҕатаайыскай
Икки сылга болдьохтоох талыллар хамыыһыйа эрэбиисийэни ыытан артыал бырабылыанньатын үлэтин хонтуруоллуур бырааптаах. ТХЭ
Эҥин бэйэлээх эрэбиисийэ эрийбит сураҕа иһиллэр, ыйы ыйдаан хасыһа ырыппыттара чуолкай биллэр. А. Чугунов