тараах иэннээ - сынньан, таһыйан кэһэт. ☉ Побить, избить кого-л., подвергнуть телесному наказанию (соотв. всыпать горячих кому-л.), исполосовать кого-л.
Оҕолорум эрэйдээхтэри, күлүмнүүр көмүстэрбин, чэрэлийэр чэрбиэҥ кэлэрбин таһыйаҥҥын тараах иэнниэҕиҥ, кулугур кулгаахтыаҕыҥ. П. Ойуунускай
Хотуок, таах тарайан олорума, уута баһа киирэ оҕус, убайым кэлэн тараах иэнниэ. И. Гоголев
[Манчаары:] Син биир тутан ыланнар, Кулугур кулгаахтыахтара, тараах иэнниэхтэрэ. А. Софронов
Уйбаачаан өһүөннээх кулуба, Миигин иэстээн кинилэри Таһыйан тараах иэнниэҕэ, Кэмнэрин иннинэ иинниэҕэ. А. Бэрияк
△ Олус накаастаан кэһэт, ынырыктык сыһыаннас. ☉ Задать взбучку, дать нагоняй; изнурить, обескровить
Бэйикэй, хара ыт, бу айылаах оҥордоххун, сири-саары сирэйдиэм, кулугур кулгаахтыам, тараах иэнниэм сирдээн тимириэҥ, халлааннаан көтүөҥ суоҕа. Эрилик Эристиин. Биир сыҥсыйыы бурдук иннигэр миэхэ түүннэри-күнүстэри үлэлиэҥ, эйигин баҕас тараах иэнниэм мин диэтэх киһи. А. Федоров
Якутский → Якутский
иэннээ
Еще переводы: