анат. внутренняя полость улитки внутреннего уха с круглым окном
Якутский → Русский
кулугур
Якутский → Якутский
кулугур
- даҕ. Уһун, үчүгэйдик сулуйуллубут, кыһыллыбыт (хол., ураҕас), уһун уонна мырчыстаҕаһа суох (хол., моой). ☉ Длинный, ровный и гладкий (напр., жердь со снятой корой)
Кулугур ураҕас. ПЭК СЯЯ
Бухатыыр үс былас Үөкэйэр өттүктээх, биэс былас Биэкэйэр бииллээх, Түөрт былас Кулугур моойдоох. Суорун Омоллоон - сыһ. суолт. Олох, букатын, адьас. ☉ Совершенно
[Ийэлэрэ уолаттарыгар:] Кунаах маҥан оҕустаах, Кулугур маҥан атыырдаах, Дьулусхан баай Тойон оҕонньордооххо тиийиэххит. ТТИГ КХКК
♦ Кулугур кулгаахтаа, тараах иэннээ — кулгаах туллуор, иэн тириитэ бысталаныар диэри накаастаа, таһый. ☉ Жестоко, беспощадно обращаться с кем-л. (букв. сделать ему отвислые уши и полосатую спину)
Баҕар, оҕолорум эрэйдээхтэри, күлүмнүүр көмүстэрбин, …… таһыйаҥҥын тараах иэнниэҕиҥ, кулугур кулгаахтыаҕыҥ. П. Ойуунускай
Бэйиккэй, манна таҕыстаргын эрэ туттаран ылан тараах иэнниэм, кулугур кулгаахтыам. Далан
Еще переводы: