туохт. Иэннээх буол. ☉ Иметь ширину, поверхность, площадь
Үрэхчээн, улам холкутуйан, улам сырыынньа сыырданан, кэҥэс иэннэнэн истэ. Амма Аччыгыйа
Уһулута ойон тахсыбыт муустар лаампа чаҕыл сырдыгар күөх толбоннонон, килэркэй иэннэнэн ылаллар. С. Федоров. Витим уута эбиллэрин кытта, Лена улуутуйар, улаатар, муора курдук киэҥ иэннэнэр. Б. Лунин (тылб.)
♦ Тараах иэннэн көр иэннээ
Тараах иэннэммит, кулугур кулгаахтаммыт, аатым-суолум алдьаммыт, дьолум-соргум тохтубут дьахтары, миигин, ким ылыай. Эрилик Эристиин
«Уордаах Чоочо оруоскатыттан тараах иэннэниэм, кулугур кулгаахтаныам кэриэтэ, хара тыа ордууламмытым ордук», - диэбитэ Баһылай. В. Протодьяконов
[Дворяннар уонна помещиктар] Россия норуота хара көлөһүнүн тоҕон, этирик түөстэнэн, тараах иэннэнэн, умса-төннө түһэн туран оҥорбут, туппут, айбыт материальнай, духовнай баайын-дуолун сүүһүнэн сыллар тухары супту уулаан, байан-тайан олорбуттара. ФММ ДьКС
Якутский → Якутский
иэннэн
Еще переводы: