Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иэҕэлдьий

туохт. Икки өттүгэр иҥнэҥнээн ыл. Покачиваться из стороны в сторону, пошатываться
Моойторук оһох кэнниттэн нэһиилэ иэҕэлдьийэн таҕыста. Амма Аччыгыйа
[Хабырыыс] олус сылайбыт, олох маска нэһиилэ иҥнэн олорорго дылы, икки өттүнэн иэҕэлдьийэн ылатталыыр. А. Сыромятникова
Охонооһой икки илиитин сис туттан баран, икки өттүнэн иэҕэлдьийэ-иэҕэлдьийэ, хааман ноҥсолдьуйар. А. Бэрияк
Сирдэрэ атыйахтаах уу курдук Сиҥниэх айылаах иэҕэлдьийдэ. П. Ядрихинскай
Иэҕэлдьийэр икки атахтаах көр иэҕэй
Иннинэн сирэйдээх, Иэҕэлдьийэр икки атахтаах, Сүһүөхтээх бэйэтэ Сүгүрүйэн туран: «Сүдү эһэ тойонум! Сүүрэр атахтааххыттан, Сүргүөхтээх систээххиттэн Күөн түөһүм иннигэр Күөйэ көтөн кулу!» [диэн көрдөһөр буолбут]. П. Ойуунускай

Якутский → Русский

иэҕэлдьий=

качаться, покачиваться (из стороны в сторону); иэҕэлдьийэ олорор он сидит, покачиваясь; иэҕэлдьийэр икки атахтаах см. иэҕэй : иэҕэйэр икки атахтаах.


Еще переводы:

иэҕэлдьит=

иэҕэлдьит= (Якутский → Русский)

побуд. от иэҕэлдьий= покачивать, пошатывать (напр. дерево).

покачался

покачался (Русский → Якутский)

гл,сов
иэҕэлдьийдэ, эйэҥнээтэ

чорбоҥнот

чорбоҥнот (Якутский → Якутский)

чорбоҥноо диэнтэн дьаһ
туһ. Уолчаан уоһун чорбоҥнотто уонна иэҕэлдьийэ-иэҕэлдьийэ, оҕотук чаҥкынас куолаһынан ыллаан барда. И. Гоголев
Тугу эрэ саҥараары уоһун чорбоҥнотто. М. Доҕордуурап
[Эһээхэй оҕо] уоһун сыыһын чорбоҥнотор, айаҕын сыыһын оппоҥнотор. «ХС»

иэҕэлдьит

иэҕэлдьит (Якутский → Якутский)

иэҕэлдьий диэнтэн дьаһ
туһ. Остуолбаны иэҕэлдьит.  Бурдук күрүөтүн тоһоҕотуттан тутан баран, ыгыста-ыгыста, күүһүн муҥунан тардыалаан иэҕэлдьитэр. А. Софронов

кээчэҥнээ

кээчэҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Иэҕэлдьийэн нэһиилэ хамнаа, салбыҥнаан хаамп. Еле ходить, покачиваясь, пошатываясь
Кэлэ сатаан Кээчэҥниир эрэ, Төннө сатаан Түөрэҥниир эрэ буолаҕын. «ХС»

вразвалку

вразвалку (Русский → Якутский)

нареч. разг. иэҕэлдьийэн, хаадьаҥ-наан; он шёл вразвалку кини хааман иэҕэлдьийэн иһэрэ.

иэҕэлдьис

иэҕэлдьис (Якутский → Якутский)

иэҕэлдьий диэнтэн холб. туһ. Хамначчыт Сэмэн оҕотунаан иккиэн аат эрэ харата дьиэлэрин диэки иэҕэлдьистилэр. Бэс Дьарааһын
Модьу-таҕа бэстэр иэҕэлдьиһэ түстүлэр. В. Иванов
Отчуттар иннилэрин хоту суһал-суһаллык иэҕэлдьиһэн алаас ортотугар өрө үллэн турар булгунньах тэллэҕэр тиийэ хайа тэлэн унаарыттылар. А. Бэрияк

мачаахтаа

мачаахтаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Туох ха э мэ ба т ыл л а н, ат а х х ын олус э рэ йи н эн ө рүтэ тардан үнүөхтээ, сыҕарый. С трудом продвигаться вперёд, застревая в чём-л. вязком (напр., в грязи, снегу). Ыт муҥнаах икки өттүнэн иэҕэлдьийэн, содьоҥноон, тоҥуу хаарга арыыч ча мачаахтыыр. Т. Одулок (тылб.)

шатается

шатается (Русский → Якутский)

гл
1. Иэҕэлдьийэр, түөрэҥниир; тэмтээкэйдиир. 2. Солуута суох сылдьар, халтай хаамар

баадай

баадай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Үөскүлэҥ, суон (ордук үөһэ өттүнэн) буолан, икки ойоҕоскунан иэҕэлдьийэн ыараханнык хаамп. Тяжело ступать, переваливаясь с боку на бок своей грузной, толстой (особенно в верхней части) фигурой
Модьу-таҕа көрүҥнээх Байанай баадайан туран, уоһун иһигэр тугу эрэ ботугураан баран, умайан күлүбүрүү турар уокка арыгыны ыста. В. Протодьяконов
Луха Иванов дьиэтин диэки баадайа турда. М. Доҕордуурап
Кини түргэнник хааман баадайан, дьону кытта тэҥнэстэ. Н. Габышев