жадность || жадный; иҥсэ ыт жадная собака; иҥсэ кэбистэрбит он страдает обжорством; иҥсэтэ бэйэтинээҕэр улахан его жадность больше его самого; ср. обот.
Якутский → Русский
иҥсэ
Якутский → Английский
иҥсэ
n. greed
иҥсэ
n. greed; иҥсэр= v. to covet, be greedy
Якутский → Якутский
иҥсэ
аат.
1. Аһыахха-сиэххэ наһаа баҕарыы. ☉ Чрезмерное стремление, желание есть, жадность, обжорство
Куттаннар даҕаны, иҥсэтэ тулуппата, сэрэнэн, эмиэ эмэн барда. Болот Боотур
Иҥсэлэринэн, сиэмэхтэринэн абытай көтөрдөр этилэр. И. Федосеев
Онуоха абааһылар иҥсэлэрин ханнарар гына, кинилэргэ айыы дьонун ымсыытын-оботун көрдөрбөт курдук, түһүлгэ дьуухалатын барытын хомуйуохха наада. С. Курилов (тылб.)
2. сөбүлээб. Бэйэҕэ туһанар эрэ туһугар үлүһүйүү; кыраҕа баҕа туолбат буолуута, өссө аһара наадыйыы. ☉ Жадность к чему-л., алчность
[Баһылай:] Түҥэтиккэ син бэйэбитигэр тиксиэ диэн иҥсэлэригэр ити айылаах оҥороллор. Амма Аччыгыйа
Иҥсэ, өс, сэрии суоҕа буоллар, дьон дьоллоох олоххо тиийбитэ ыраатыа этэ. Суорун Омоллоон
Иҥсэтин көр эрэ! Биир саарба биир түөһүгэр күннээх хара саһыл, тоҕус кугас саһыл киниэхэ аны мыыныылаах буолбут. В. Протодьяконов
Эйигин [тайаҕы] биир киһи иҥсэтэ Олохтон араарда, Эрэн дуу, билигин кэтиэхпит, Ол дьаарай тохтуоҕа. Н. Босиков
♦ Иҥсэ кэбистэрбит - наһаа оботтоохтук аһыыр, туох да аска топпот буолбут. ☉ Страдать обжорством
Кини сиэнэ Сээчик кэллэҕинэ, ити иҥсэ кэбистэрбит көтөрдөртөн сорох-сорохторун хайаатар даҕаны сайылатар санаалааҕа. И. Федосеев. Иҥсэтэ көптө - 1) аһыансиэн наһаа баҕарда. ☉ Разыгрался аппетит у кого-л.
Буспут собо минньигэс сыта аччык дьон муннуларыгар дьар гына түһэр, иҥсэлэрин көбүтэр. Н. Якутскай
Аччыктаабыт куртаҕа ас киирбитин билэн түүрүллэҥнээн, иҥсэтин көбүттэ. М. Доҕордуурап
Дьэ, Мичил, мииммитин иһиэххэ дуу?.. Сыта дыргыйан, минньигэһэ диэн сүрдээх. Мааҕыттан мин иҥсэбин көбүтэн ахан биэрдэ. Г. Колесов; 2) туохха эмэ ымсыыран баҕарда (ыла, сии, тутта охсоору). ☉ Быть, стать алчным; страстно возжелать что-л. Сүөдэр Бэһиэлэйэп Лэглээрдэр «Дулҕалаахха» оттообут отторугар иҥсэтэ көбөр. Амма Аччыгыйа
Аан дойду торҕон бөрөтө, бастыҥ ороспуойа ньиэмэскэй фашизм ыкса ыалын ыйыстан, чугастааҕы ыалын кураанахтаан баран, иҥсэлээх иҥсэтэ көбөн …… көҥүл күн айыы сиригэр - Сэбиэскэй Сойууска саба түспүтэ. Суорун Омоллоон. Тэҥн. обот, соллоҥ
ср. казах. еҥсэ 'иметь страшную жажду'
иҥсэ-мэнэгэй
- аат. Туохха да туолбат имэҥнээх иҥсэ. ☉ Необыкновенная, невероятная прожорливость
Аас-майах аргыстаах, Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх, Оп-соллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа …… Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Иҥсэ-мэнэгэй баар бу аан дойдуну алдьаппыт. А. Сыромятникова - даҕ. суолт. Наһаа иҥсэлээх. ☉ Невероятно прожорливый
Иҥсэ-мэнэгэй атыыһыттар ыла кэлэллэр, кинилэр бааллар хоту сири сиэччилэр! А. Сыромятникова
Иҥсэ-мэнэгэй ньиэмэс фашистарын Иккистээн эргийэн кэлбэттик Ийэ сирим иэниттэн сиппийбитэ. С. Зверев
обот-иҥсэ
көр обот-соллоҥ
Оҕонньор элиэни сөбүлээбэттии саҥарбыта: «Күтүр обото-иҥсэтэ бэрт, суох да буоллар кытаахтаһа сылдьааччы». Далан
«Отону ситэ буһараллара да биллибэт, дьоҥҥо обот-иҥсэ түспүт», — эмээхсинэ ону бигэргэтэр. «ХС»
Еще переводы: