Якутские буквы:

Якутский → Русский

иҥсэлээх

жадный; иҥсэлээх бөрө жадный волк; иҥсэлээх иҥсэтиттэн өлөр погов. жадный погибает от своей жадности; ср. оботтоох .

Якутский → Якутский

иҥсэлээх

даҕ.
1. Оботтоох. Жадный, алчный
Иҥсэлээх бэс кумаара былыттыы саба түһэриттэн да кыһаллыбат. И. Гоголев
Дьахтар ыарахан дьылҕата, иҥсэлээх эрин санаатыгар кулуттуу бас бэриниитэ, Ньургуһун ийэтин - Салбардаах сирэйигэр-мөссүөнүгэр бүтүннүүтүгэр дириҥ кутурҕан суолун хаалларбыттар. АҮ
Иҥсэлээх, бэригимсэх быһыы, тунуйаадыстааһын, холуннарыы, итириктээһин эҥин курдуктары утары сорунуулаах охсуһууну ыытыллыахтаах. Л. Брежнев (тылб.)
2. көсп., поэт. Ымсыырар, баҕарар (үксүн харах туһунан). Жадный, завистливый (обычно о глазах)
Ымсыырар иҥсэлээх харахтан Ол дойду иччитэ харыстыыр. С. Данилов
[Дьахтар] олус дьулугурдук көхсүн көннөрөн, түөһүн мөтөтөн турбахтаата. Таптыыр, барытын биэрэр иҥсэлээх хараҕынан Женяны күлүбүрэччи көрдө. Н. Габышев
Ийэтин иҥсэлээх хараҕын, Илбискэ силлэппит айаҕын Ньургустай күн оонньуур төбөтө Нуурайан, утары көрбөтө. И. Чаҕылҕан
3. көсп. Киһи куйахата күүрүөх исиһиттэн ньириһийэр; иччилээх (саҥа, тыас туһунан). Захватывающий дух; чувственный, прочувствованный, пронизывающий до мозга костей (голос, звук)
Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга этитиилээх Эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов
Куйахтаах батаһым Иҥсэлээх тыастарыттан Мэйиим эргийэ илбиһирэ күүркэйэбин. С. Данилов
Дьэспэ [оҕус аата] оннук киэптии, киэбирэ турдаҕына, арай, ол кэмҥэ, аллараа үрэх диэкиттэн бэрт дириҥ, иҥсэлээх мөҥүрээһин сири түгэҕинэн ньириһийэн иһилиннэ. Далан
Ити иҥсэлээх ньиргиэр тойугу икки атахтаах истибэккэ хаалла. Р. Кулаковскай
4. көсп. Хааҥҥа, өлөрөргө баҕалаах (сэрии, кыргыс сэбин туһунан). Имеющий страсть к убийству, жаждущий крови (эпитет, характеризующий боевое холодное оружие)
Оҕонньор хараҕын кырыытынан киһитин [үрүҥ саллаатын] иҥсэлээх быһаҕын көрөн ылла. Софр. Данилов
Кэнниттэн бандьыыттар иҥсэлээх буулдьалара икки өттүнэн сиирэ-халты ыйылаабыттара. А. Сыромятникова
Фашист иҥсэлээх буулдьата кини атаҕын бааһырпыта. «Кыым»
5. көсп. Олус күүстээх, уордаах (тымныы туһунан). Трескучий, жуткий, пробирающий до костей (мороз)
Кута анныттан иҥсэлээх тымныы аргыйар, Антону тардан ылаары эҕирийэргэ дылы. Т. Сметанин
Оо, тымныы, муустааҕар да иһиттэн иҥсэлээх тымныы, тыбыс-тымныы. А. Сыромятникова
Ыт курдук иҥсэлээх (ымсыы) көр ыт II
Батталтан баҕарбыт кулаактар Кыраны сабардаан олооркут. Ыт курдук иҥсэлээх саҥнаахтар, Туолуо суох эһиги обоккут. Эрилик Эристиин


Еще переводы:

прожорливый

прожорливый (Русский → Якутский)

прил. оботтоох, иҥсэлээх.

жадный

жадный (Русский → Якутский)

прил.
иҥсэлээх, ымсыы

жадина

жадина (Русский → Якутский)

м., ж. прост, иҥсэлээх, иҥсэлээх киһи.

алчный

алчный (Русский → Якутский)

прил. иҥсэлээх, оботтоох, ымсыы.

оботтоох

оботтоох (Якутский → Русский)

ненасытный, жадный, алчный; ср. иҥсэлээх.

чревоугодникм.

чревоугодникм. (Русский → Якутский)

айаҕымсах, иҥсэлээх (аһыы-рын эрэ билээччи).

жадный

жадный (Русский → Якутский)

прил. 1. (прожорливый) иҥсэлээх, оботтоох; 2. (скупой) ымсыы, харам, күтүр; # жадный до книг кинигэҕэ иҥсэлээх (киһи); смотреть жадными глазами иҥсэлээх хараххынан көр.

ненасытный

ненасытный (Русский → Якутский)

прил. 1. топпот, оботтоох, иҥсэлээх; ненасытный зверь оботтоох кыыл; 2. перен. оботтоох, иҥсэлээх, баҕата хаммат; ненасытная жажда знаний билиигэ иҥсэлээхтик тардыһыы.

бэтэр

бэтэр (Якутский → Якутский)

туохт., үөхс. Түргэнник, иҥсэлээхтик аһаа, симин. Жрать, лопать жадно, много
Маны аһаа, бэтэр. ПЭК СЯЯ

куохтуйа

куохтуйа (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Иҥсэлээх иччи, сиэччи. Пожиратель, цапун
Бу куохтуйа тоҕо кэллэ? ПЭК СЯЯ