дьүһ. туохт. Ордук улаатан, кэтирээн, кэҥээн, килэйэн көһүн (биир тэҥ дэхси, кылааккай ньуурдааҕы этэргэ). ☉ Предстать во всю ширь ровной гладкой поверхности (напр., о водной глади моря)
[Муора] килэдийэн, саҕахтыын ыпсыһар. М. Ефимов
[Алаһа дьиэ] чэҥинэн килэдийбэккэ, …… Халыҥ хахха буолаар дуу! С. Руфов
Дьэ, эбэ да эбэ, килэдийэн бара, тэнийэ турар. А. Сыромятникова
♦ Килэдийэр киин (үөс) — туох эмэ кэҥээн, улаатан көстөр киинэ, үөһэ. ☉ Возвышенный центр, сердцевина чего-л.
Хочо киэҥ нэлэмэн килэдийэр үөһүгэр отчуттар от охсо сылдьаллар. — [Ордуу] Киэҥ-дьайаан Килэдийэр киинигэр Суорба таас хайаны …… Суоран аҕалбыттар. П. Ойуунускай
Якутский → Якутский
килэдий
Еще переводы: