Якутские буквы:

Якутский → Русский

кистэлэҥнээхтик

нареч. 1) тайно, скрытно; 2) таинственно, загадочно.

кистэлэҥнээх

1) имеющий тайну, секрет; 2) тайный, сокровенный; кистэлэҥнээх баҕа санаа сокровенная мечта; 3) таинственный, загадочный; кистэлэҥнээх арыы таинственный остров.

Якутский → Якутский

кистэлэҥнээхтик

сыһ. Тугу эмэ таайтарардыы, сибикилиирдии. Таинственно, загадочно
Кини аллараа сыҥааҕын энньэтэр уонна кистэлэҥнээхтик сибигинэйэн барар. Амма Аччыгыйа. Кытыастар төлөн эрилиҥнээн-бурулуҥнаан мэлдьи кистэлэҥнээхтик имнэнэр. А. Федоров

кистэлэҥнээх

  1. даҕ. Атыттарга биллэриллибэт, кистэлэҥ. Имеющий тайну, секретный (о деле)
    Миша улахан кистэлэҥнээх дьыаланы этэрдии, Сережаны көрүдүөргэ ыҥыран таһааран, сибигинэйэн эттэ. Н. Лугинов
    Ити туохтааҕар да сэрэхтээх, кистэлэҥнээх «Байыаннай таайына» диэн буолар. Н. Якутскай
  2. Киһи бэйэтэ иһигэр тута сылдьар, кимиэхэ да кэпсээбэт, истиҥ. Тайный, сокровенный (о желании, мысли)
    Оҕонньор тойонугар көмөлөһөөччү, аҕабыыт саамай кистэлэҥнээх ыйытыытын этэн тоҕо барар. Амма Аччыгыйа
    Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээн-этэн биэрээхтээ! С. Васильев
  3. Биллибэт дьиктилээх, таайыллыбат таабырыннаах. Таинственный, загадочный (о месте)
    Кистэлэҥнээх арыы. Кистэлэҥнээх күөл. — [Оҕо эрдэххэ] олох …… дьиктилээхэй кистэлэҥнээх туманынан тунаарара, умсугута угуйара. Н. Лугинов
    Мин эһигини ханна да ыраах дойдуларга, көҕөрөр муоралар кистэлэҥнээх хоннохторугар …… ыҥырбаппын. Н. Габышев
    Сахам сирэ барахсан! Эн бараммат барҕа баайдааххын, киһи билэ илик кэмэ суох кистэлэҥнэрдээххин. И. Никифоров
  4. аат суолт.
  5. Ситэ өйдөммөт, биллибэт туох эмэ дьикти. Тайна, таинство, загадка
    Киэһэрэн чуумпурбут дуолларга, …… туох эрэ кистэлэҥнээҕи сипсиһээри кэтэспит чараҥнарга дууһаҕа ситэ өйдөнүллэ илик ис иэйиилэрбин кимиэхэ эрэ кэпсиэхпин баҕардым. Далан

Еще переводы:

шептаться

шептаться (Русский → Якутский)

несов. сибигинэс, сипсис, ботугурас; они таинственно шепчутся кинилэр кистэлэҥнээхтик сибигинэһэллэр.

эрилиҥнээ-бурулуҥнаа

эрилиҥнээ-бурулуҥнаа (Якутский → Якутский)

эрилий 1 диэн курдук. Уу ньуура эргичийэн эрилиҥнээтэ-бурулуҥнаата
Кытыастар төлөн эрилиҥнээн-бурулуҥнаан мэлдьи кистэлэҥнээхтик имнэнэр. А. Фёдоров

таайтарыылаахтык

таайтарыылаахтык (Якутский → Якутский)

сыһ. Кистэлэҥнээхтик, киһи үгүстүк толкуйдаан өйдүүрүн, таайарын курдук. Таинственно, загадочно
Кыыһы кытары маҥнайгы сыһыаны олохтуурга, төһө сатыыргынан болҕомтону тардардыы, таайтарыылаахтык, имэҥнээхтик көрөҕүн. Н. Лугинов
«Коля, эн көрдөһүүгүн толордум», — дии-дии кыыс миигин тонолуппакка көрдө. Тоҕо итинник таайтарыылаахтык көрдөҕөй? С. Никифоров
Бу тыллар таайтарыылаахтык иһиллэллэр. И. Данилов

энньэт

энньэт (Якутский → Якутский)

энньэй диэнтэн дьаһ
туһ. Кини «бэйэтин» тыатыгар баар кыыллары кэпсээтэҕинэ, төбөтүн лыкыччы туттар, …… аллараа сыҥааҕын энньэтэр уонна кистэлэҥнээхтик сибигинэйэн барар. Амма Аччыгыйа
Кулубалаах суруксут үтүктүспүт курдук сыҥаахтарын энньэтэн дугуҥнаһа турбуттара. И. Гоголев
Лөгүөн алын сыҥааҕын энньэтэн, тииһин быыһынан сыыбырҕаан барда. Ойуку

секретный

секретный (Русский → Якутский)

прил. кистэлэнг, кистэлэҥнээх.

кистэлэҥнэн

кистэлэҥнэн (Якутский → Якутский)

туохт. Кистэлэҥнээх буол. Иметь тайну, стать таинственным
Арбатскай куолаһа аччаан, кистэлэҥнэнэн ылбыта. В. Яковлев

таинственный

таинственный (Русский → Якутский)

прил. 1. (загадочный) кистэлэҥ, кистэлэҥнээх; 2. (скрывающий что-л.) кистиир, саһыарар, хорҕотор; с таинственным видом (тугу эрэ) кистиир быһыынан.

таинственность

таинственность (Русский → Якутский)

ж. (нечто загадочное) кистэлэҥэ, кистэлэҥнээҕэ.

таить

таить (Русский → Якутский)

несов. что I. (скрывать) кистээ, кистээн сырыт; таить злобу против кого-л. кими эмэ кистээн өһүөннээ; 2. (заключать в себе) кистээн сырыт, саһыаран сырыт, кистэлэҥнээх буол; нечего греха таить айыыны тугу кистэниллиэй.

киҥкил

киҥкил (Якутский → Якутский)

даҕ. Бардар бара турар киэҥ, үрдүк (тыа, халлаан). Сплошной, бескрайний (о лесе, небе)
Киэбэкиэлитэ биллибэт Киҥкил хара тыа барахсан. Суорун Омоллоон
Кэннигин көр — кистэлэҥнээх киҥкил тыа! П. Тобуруокап
Үрүҥ күн …… киҥкил халлаан үрдүк өрөҕөтүн өрө салаамахтаата. С. Федотов