Якутские буквы:

Якутский → Якутский

киэһээҥҥи

даҕ. Киэһэ саҕана буолар, киэһээ. Вечерний, происходящий вечером
Киэһээҥҥи им саҥардыы сүтэн эрдэҕинэ тохтообуттара. Амма Аччыгыйа
Киэһээҥҥи саһарҕа килбиэнэ хаптаҕас уута буолан, өрүс ньуурун тэтэрдэ саба халыйбыт. И. Гоголев
Бэҕэһээ киэһээҥҥи аймалҕан кэнниттэн кини Быыкаа кыыстыын атастыы буолан хаалла. Н. Заболоцкай
Киэһээҥҥи оскуола — үлэлиир ыччат киэһэ үөрэнэр оскуолата. Вечерняя школа
Айаан, киэһээҥҥи оскуоланы бүтэрээт, ыалдьан сонотуоруйга сыппыт. Н. Лугинов
Үлэлиир ыччат киэһээҥҥи оскуолатыгар үөрэнэн ачыстааты ылар түбэлтэлэрэ үгүс буолааччы. В. Алданскай
Александра Максимова — уон биирис кылааска киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр. ПДН ТБКЭ. Киэһээҥҥи омурҕан — от үлэтигэр киэһэ аһыыр кэм. Вечерний перерыв на сенокосе
Киэһээҥҥи омурҕан кэнниттэн Төннөрдүү дьиэм диэки хайыстым. Күннүк Уурастыырап
— Киэһээҥҥи омурҕаҥҥа тахсыҥ! — диэн Уйбаан уус эҥээриттэ. М. Доҕордуурап. Киэһээҥҥи (киэһээ) ыам (ынах) — киэһэ ынах ыанар кэмэ. Вечерний удой
Натаа киэһээ ынаҕын ыан киллэрэн, үүтүн кута сырытта. Суорун Омоллоон
Сэлиэнньэ дьахталлара киэһээҥҥи ыамнарыгар ынахтарын сайдыыр саҥалара иһиллэр. Л. Попов
[Оҕолор] күнүскү, киэһээҥҥи ыамнарга дьонноругар ынах хомуйан аҕалаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап


Еще переводы:

смена

смена (Якутский → Русский)

смена; киэһээҥҥи сменаҕа үлэлээ = работать в вечернюю смену.

киэһээ

киэһээ (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Киэһэ буолар, киэһээҥҥи. Вечерний.
Киэһээ (киэһээҥҥи) аһылык көр аһылык
Дьиэлээхтэр киэһээ аһылыктарын аһыы иликтэрэ. Н. Якутскай
Ыал ыалынан, дьукаах дьукааҕынан мустан киэһээҥҥи аһылыктарын аһыыллар. А. Бэрияк
Биир күн киэһээҥҥи аһылыкпытын аһыы олордохпутуна таһырдьа ыт үрбүтэ. А. Кривошапкин (тылб.)

университет

университет (Якутский → Русский)

университет || университетский; Саха государственнай университета Якутский государственный университет; киэһээҥҥи университет вечерний университет; университет диплома университетский диплом.

сиккийбэхтээ

сиккийбэхтээ (Якутский → Якутский)

сиккий диэнтэн тиэт
көрүҥ. Хаҥыл өрүс уҥа өттүттэн түһэр улахан үрэх киэҥ хочотун таҥнары киэһээҥҥи сөрүүн тыал сиккийбэхтиир. Тумарча

киһиччэй

киһиччэй (Якутский → Якутский)

аат., сөбүлээб. Киһи диэн суолтаҕа туттуллар. То же мне человек (в неодобр. знач.)
Киэһээҥҥи халлааным Килбиэнэ диэбитим — киһиччэй эбит даа. П. Ойуунускай

модуннук

модуннук (Якутский → Якутский)

сыһ. Улаханнык, ыраахтан иһиллэр гына дорҕоонноохтук. Громко, мощно, так, чтобы слышно было издалека (раздаваться)
Бүлүү долгунугар бигэнэн, киэһээҥҥи чуор са лгыҥҥа Оһуокай тойуга модуннук дуораһыйар. С. Данилов

оҕонньордуу

оҕонньордуу (Якутский → Якутский)

сыһ. Оҕонньор сиэринэн, оҕонньор курдук. По-стариковски, как старик
Оҕонньордуу эттэххэ, мин хаһан эрэ эдэр этим. И. Гоголев
Оҕонньор оҕонньордуу олордо, киэһээҥҥи өттүгэр үксүн олорор идэлэннэ. Дьүөгэ Ааныстыырап

сапсыар

сапсыар (Якутский → Якутский)

аат. Салгын салгыйан биллиитэ, кыра сиккиэр. Веяние, дуновение ветерка
[Өлүөнэ өрүс] Сарсыардааҥҥы сапсыардара, Киэһээҥҥи сипсиэрдэрэ Сахалыы саҥараллар, Киһилии кэпсииллэр. Т. Сметанин

сахаччай

сахаччай (Якутский → Якутский)

поэт., көр саха
1.
1. [Симэхсин эмээхсин:] Көрөҕүт, көрбөккүт: Киэһээҥҥи халлааным Килбиэнэ диэбитим Киһиччэй эбит даа, Сандаархай халлааным Сандала диэбитим Сахаччай эбит даа. П. Ойуунускай

ааҥк

ааҥк (Якутский → Якутский)

Аҥыр саҥатын үтүктэр тыл. Подражание голосу выпи
Дуйдаах тыл ууһунан даллата Дуул долгун сүрэхпин сүөрэрэ: Аҥырдыы «ааҥк» дэтэн аллата, Албаска үктэтэн үөрэрэ. Р. Баҕатаайыскай
Ыкса күһүн хараҥаҕа соҕуруу дойдуга айаннаан иһэн аҥыр «ааҥк» диир саҥата киэһээҥҥи чуумпуну аймааччы. Сэмээр Баһылай