даҕ.
1. Мөлтөх харахтаах, ырааҕы кыайан көрбөт. ☉ Плохо видящий на далёкое расстояние, близорукий
Тугу барытын сыһыары тутан көрөр, харалҕан харахтаах, бэрт кыра үөрэхтээх Дьэкиим Угаарап диэн оҕонньор интэринээт салайааччыта. Амма Аччыгыйа
Петя уҥуоҕунан орто, хатыҥыр соҕус, таҕайан көрө сылдьар харалҕан. М. Доҕордуурап
Сиэрин ситэрэн, харалҕаныттан эбитэ дуу, онто да суох кыараҕас хараҕын быһыччы көрөр идэлээҕэ. «ХС»
△ Сырдыкка сатаан көрбөт, хараҥаҕа эрэ үчүгэйдик көрөр (үксүн түүҥҥү сырыылаах көтөрдөр, кыра кыыллар тустарынан). ☉ Не видящий при дневном свете, хорошо видящий в темноте (о птицах, мелких животных, ведущих ночной образ жизни)
«Ыл, ити уйа аннынааҕы мутукка олор: билигин хараҥа, харалҕан көтөр көрүө суоҕа», — диэбит Барыллыа-хатын. Саха фольк. Киниэхэ [Хаххаҥҥа] тириир кыһалҕа — Күнүһүн көрбөт, харалҕан. Баал Хабырыыс
Күнүс адьас харалҕаннар, Онон мэкчиргэлэр Тииккэ кылаан чыпчаалыгар Түһэн олороллор. И. Эртюков
2. Кылар, кыччаҕар (харах туһунан этэргэ). ☉ Косой, косоглазый
Харалҕан хараҕа Хаҥас диэки ханньары тардан, Кылар хараҕа Кырыытынан көрдө. П. Ойуунускай
Сахаар Охонооһойоп эбит. Кини саҥата, кини кыччаҕар, харалҕан хараҕа! Амма Аччыгыйа
Дьаакып Кыычкын харалҕан этэ. Ол да буоллар бэркэ сөбүлээн уһанара. Тускун
3. көсп. Кэскиллээҕи, үүнэр-сайдар кыаҕы өтө көрбөт, туруктаах олоҕу кыайан тэрийбэт. ☉ Недальновидный, лишённый проницательности, близорукий
Маннык кэскили көрбөт харалҕан буолбут салайааччылар атын сирдэргэ бааллара дуу, эбэтэр Үөһээ Бүлүүгэ эрэ маннык дуу? «Кыым»
Эн аҥаардас сатаан дьаһайбатыҥ эрэ содула буолбатах, ону таһынан политическай өттүнэн харалҕаныҥ содула буолар! Г. Николаева (тылб.)
◊ Харалҕан айан суола — хоролҕон айан суола диэн курдук (көр айан)
Мантан инньэ киин сирдэри кытта харалҕан айан суолунан сибээстэстэҕинэ, нэһилиэкпит Кытыы диэн аата хаалан, дьэ үүнэр-сайдар ини. Далан
Алааһы ортотунан тахсар харалҕан айан суолунан массыына өр-өтөр гыммакка бөһүөлэккэ биирдэ баар буолла. Н. Босиков
Дэриэбинэ бэтэрээ өттүнэн соҕурууттан хоту улахан харалҕан айан суола ааһар. «ХС»
ср. бур. харалаган ‘близорукий’