Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэпсэтинньэҥ

даҕ. Кэпсэтэрин сөбүлүүр, элбэх саҥалаах. Разговорчивый, словоохотливый, общительный
Хотугу дьон сиэринэн Александра Федоровна бэрт кэпсэтинньэҥ, көр-нар майгылаах. Н. Заболоцкай
— Тугуй ол «тоҥкуруун» диэн? — Оттон кэпсэтинньэҥэ суох киһи диэн. А. Федоров. Кэпсэтинньэҥ, бэрт элэккэй ыччат, нууччалыы ыраастык саҥарар. «ХС»


Еще переводы:

разговорчивый

разговорчивый (Русский → Якутский)

прил. кэпсэтинньэҥ, кэпсэтиик.

неразговорчивый

неразговорчивый (Русский → Якутский)

прил. кэпсэтинньэҥэ суох, саҥата суох.

кэпсэтиик

кэпсэтиик (Якутский → Якутский)

көр кэпсэтинньэҥ
Күүстээх Көстөкүүн хотуна бэрт эйэҕэс, кэпсэтиик дьахтар. Н. Түгүнүүрэп
Сэмэн Ыстаарыһын — сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт, сытыы сирэйдээх-харахтаах кэпсэтиик, аламаҕай уолчаан. Д. Таас

кэпсэтимтиэ

кэпсэтимтиэ (Якутский → Якутский)

көр кэпсэтинньэҥ
Эйэҕэс, сымнаҕас, кэпсэтимтиэ, туора киһи кыһалҕатын кыһалҕа оҥостор, холку киһи былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри киһи киһитэ, бар дьон киһитэ диэн ааттанар. «Кыым»

кэпсэтигэн

кэпсэтигэн (Якутский → Якутский)

көр кэпсэтинньэҥ
[Анфиса] арыый эйэҕэс, кэпсэтигэн, ол эрээри арыт тута киэр хайыһар, кыйдыыр, аахайбат курдук буолар. Н. Габышев
[Дора] кэпсэтигэн, мичээрдэс этэ, сылайбыт көрүҥнээх даҕаны буоллар. «ХС»

кэпсэтигэс

кэпсэтигэс (Якутский → Якутский)

көр кэпсэтинньэҥ
Кэпсэтигэс, бэрт сайаҕас аргыспыттан истибитим: горком астарбыт үөрэтэр кэмбинээтигэр Мирнэй эдэр оробуочайдара араас идэҕэ үөрэнэр эбиттэр. Л. Попов
Үлэтигэр хайҕалга сылдьар, дьоҥҥо эйэҕэс, кэпсэтигэс. ЧКС ОДьКИи

кэмчиэригэс

кэмчиэригэс (Якутский → Якутский)

көр кэмчиэркэй II
[Манчаары:] Тугун билэҕин: киһиттэн эрэ кэмчиэригэс, урааҥхайтан эрэ уйаарҕааччы, сахаттан эрэ санаарҕааччы, баҕар, мин буолуом. Софр. Данилов
Ньиэрбинэй систиэмэтэ хайдаҕыттан көрөн, киһи кэмчиэригэс эбэтэр кэпсэтинньэҥ буолар. ОАП ОТХ

сорунан

сорунан (Якутский → Якутский)

сыһ. Сорук оҥостон, анаан. Специально, с определённой целью
Эн бүгүн алыс кэпсэтинньэҥ буолбуккун, эйигин кытта сорунан кэпсэттэххэ табыллыыһы. Амма Аччыгыйа
Яков бүгүн адьас сорунан бибилэтиэкэҕэ чиҥии-чиҥии олордо. Н. Заболоцкай
Өндүрэй сорунан туран модьуйуулаахтык ыйытта. «ХС»

баһыыбалаа

баһыыбалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Махтанаргын биллэр. Благодарить, говорить «спасибо»
Оҕо баһыыбалаан баран, кинигэ маҕаһыынын диэки сүүрэн тэбэ турбута. Суорун Омоллоон
Оҕонньор күтүөтүгэр баһыыбалаан баран, арыгытын айаҕар илдьэн истэҕинэ, тоҕо түһэн хаалла. М. Доҕордуурап
Мин …… эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ суоппарбар нэһииччэ тылбынан эрэ баһыыбалаат, таһырдьа ыстанным. Н. Заболоцкай

тиксиһиннэртээ

тиксиһиннэртээ (Якутский → Якутский)

тиксиһиннэр диэнтэн тиэт
көрүҥ. Маппыр биир таптыыр дьарыктааҕа: …… бөтүүгү бөтүүк үрдүгэр быраҕан, тиксиһиннэртиир. Л. Попов
Холкуос бэрэссэдээтэлэ Оллооноп, «Эһигини тиксиһиннэртээтим, онон мин соругум бүттэ», — диэтэ. «ХС»
Граф саамай таптыыр суола икки кэпсэтинньэҥ дьону тиксиһиннэртээн кэбиһэн баран, иһиллии олороро буолар. Л. Толстой (тылб.)