Якутские буквы:

Якутский → Русский

кэргэннээ=

женить; выдавать замуж; уолларын кэргэннээбиттэр они женили сына.


Еще переводы:

кэргэннэһии

кэргэннэһии (Якутский → Якутский)

кэргэннэс диэнтэн хай
аата. Буржуазия кэргэннэһии сыһыаннаһыытыттан сүрэҕи долгутар манньыйыы сабылыгын саралыы тарпыта. К. Маркс (тылб.)

супружество

супружество (Русский → Якутский)

с. кэргэннии буолуу, эройох буолуу.

дуоспуруннаныы

дуоспуруннаныы (Якутский → Якутский)

аат. Дьоһуннаах, боччумнаах буолуу. ☉ Серьезность, основательность
Кини сирэйигэрхараҕар боччумуруу, дуоспуруннаныы биллэргэ дылы. В. Титов. Таптал уонна кэргэннии буолуу киһиэхэ саҥа эниэргийэни, дьиҥнээх дуоспуруннаныыны үөскэтэллэр. Б. Попов

обручение

обручение (Русский → Якутский)

с. илии охсуһуу (кэргэннии буоларга сөбүлэһэн).

обручить

обручить (Русский → Якутский)

сов. кого илии охсуһуннар (кэргэннии буоларга сөбүлэһиннэр).

супружеский

супружеский (Русский → Якутский)

прил. кэргэннии, эройох; супружеские отношения эройох сыһыана.

эр-ойох

эр-ойох (Якутский → Якутский)

аат. Холбоспут кэргэннии дьон. ☉ Супруги, муж и жена. Эр-ойох буол, кэргэннии буол, холбос
□ Эр-ойох охсуһара, эр-ойох тапсыбата бэрт элбэх буолар, онон оруннанаоруннана дьону барытын кулаакка таһаарар табыгаһа суох, алҕас буолуох тустаах. П. Ойуунускай. Таасчыт уонна Огдооччуйа эр-ойох буолан, ийэлэрин кытта балаҕан туттан, туспа ыал буолан олорбуттара. Амма Аччыгыйа

кэргэннии

кэргэннии (Якутский → Якутский)

  1. сыһ. Эр-ойох буолан (олор), эр-ойох курдук. ☉ Мужем и женой (быть), в супружестве (состоять)
    Эҕэрдэ эһиэхэ, эдэр дьон! Тэҥнээхтэр кэргэннии буолбуккут. П. Тобуруокап
    △ Бииргэ эйэлээхтик. ☉ Как одна семья (дружно)
    Олордубут ээ иллээх кэргэннии Эн-мин дэһэн, этиспэккэ. Баал Хабырыыс
  2. аат суолт. Эрдии-ойохтуу буолбут, холбоспут дьоннор (э. ахс. ф-гар). ☉ Муж и жена, супруги (в ф. мн
    ч.). Эдэр кэргэнниилэр. Кэргэнниилэр иирсээннэрэ. Эйэлээх кэргэнниилэр.  Дыбдыктаах курдук эйэлээх кэргэнниилэр, арааһа, бу маҥнай өйдөспөт, тыл тылларыгар киирсибэт түгэннэрэ быһыылааҕа. В. Гаврильева
    Иккиэн үлэттэн кэллилэр Эдэркээн кэргэнниилэр. Баал Хабырыыс
  3. даҕ. суолт. Эрдии-ойохтуу (дьон). ☉ Семейный
    Рита барыан эрэ иннинэ полк хамандыырыгар тиийэннэр: «Биһигини кэргэннии дьонунан ааҕаргар көрдөһөбүт», — диэбиттэр. С. Никифоров
огдолут

огдолут (Якутский → Якутский)

огдолуй диэнтэн дьаһ
туһ. Арыгы үгүс ыал олоҕун огдолуппут, өссө оннооҕор элбэҕи — кэргэннии буолуохтары кэрэгэй кэскиллээбит ас. Далан
Ол дьалхаан кинилэр бөһүөлэктэрин олоҕун огдолуппут эбит. В. Иванов
Биһиги олохпутун огдолуппут аймааһыннаах сыллар ааспыттара. «ХС»

саахса

саахса (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Киһи олоҕор гражданин быһыытынан туруга, балаһыанньата уларыйыытын (хол., кэргэннии буолууну, оҕолонууну) бэлиэтиир тэрилтэ. ☉ ЗАГС
Саахсаҕа аҥаардас холбоһор уонна саҥа төрөөбүт оҕолоох дьон эрэ кэлбэттэр, арахсар, өлбүттээх дьон эмиэ кэлэллэр. К. Симонов (тылб.)