Якутские буквы:

Якутский → Русский

күбэй

күбэй хотун фольк. достопочтенная госпожа-мать.

Якутский → Якутский

күбэй

күбэй ийэ, күн күбэй ийэ, күбэй хотун ийэ фольк. — күндү, ытыктабыллаах, тапталлаах ийэ. Дорогая, любимая, почтенная мать
Күн аайы сайылыкпыт кумаҕар Ыал буолан дьиэ диэн тэринэбит. Мин буоларым кырдьаҕас аҕа, Кини буолара күн күбэй ийэ. С. Данилов
Эйигин кытта дьүөрэлии көрөбүн Оҕо көтөҕөр күбэй ийэни — Эн уордаах кыһын сааһы төрөтөҕүн, Чаҕаарда сүүрдэҕин үрүйэни. Н. Босиков
монг. гувай ‘красавица, красивая женщина’


Еще переводы:

ахталыт

ахталыт (Якутский → Якутский)

ахталый диэнтэн дьаһ
туһ. Ахталытан төрөппүт Аар Тойон аҕаккам! Күөлэһитэн төрөппүт Күбэй хотун ийэккэм! П. Ойуунускай

сабыылан

сабыылан (Якутский → Якутский)

сабыылаа диэнтэн бэй
туһ. Күбэй хотун ийэм Үллэр өрөһөтүн үллүктэнэн, Хара быарын сабыыланан, Нохтолооҕун анныгар уйаланан [үөскээбитим]. Өксөкүлээх Өлөксөй

сэҥээртэлээ

сэҥээртэлээ (Якутский → Якутский)

сэҥээр диэнтэн төхт
көрүҥ. Көмүскэстээх санаалаах, көмүс хоҥуруулаах, күбэй хотун ийэкэм, этэр тылбын истэн сэҥээртэлээн тур! ПЭК ОНЛЯ VI

көмүскэллээх

көмүскэллээх (Якутский → Русский)

имеющий защиту; пользующийся защитой; защищенный; көмүскэлэ суох беззащитный; көмүскэллээх санаалаах күбэй хотун ийэ фольк. защищающая почтённая госпожа мать (почтительно-церемонное обращение к матери).

көлгөмнөн

көлгөмнөн (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Көлөлөн. Иметь упряжной скот. Күлүбүрээбит өҥнөөх Көтөр Өксөкү көлгөмнөнөн Күбэй буор көхсүттэн Көй салгыҥҥа Көтөҕүллэн күөрэйэн таҕыстым. Саха фольк.

дьабарый

дьабарый (Якутский → Якутский)

туохт. Модороон, барбах көрүҥнэн (хол., кырдьан, сорсуйан). Иметь дряхлый, дряблый вид, одряхлеть (напр., от старости)
Мааны бэйэтэ маратыйан, Намыын бэйэтэ дьабарыйан, Оннук сытар күн күбэй ийэм, Орон бөҕө буолан, буорайан. С. Данилов

көмүскэллээх

көмүскэллээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Тирэх буолар, көмүскүүр киһилээх эбэтэр туохтаах эмэлээх. Имеющий защиту, заступника, пользующийся защитой, защищенный
Дьонугар бэрт үчүгэй эркиннээх, көмүскэллээх. Саха фольк. Көмүскэллээх үргүлдьү ааһар пешка улахан позиционнай барыс буолар. ПВН СБК
Кини көмүскэллээх буолан, наһаа итинник харса суох этэр-тыынар. «ХС»
Көмүскэллээх санаалаах (сүрэхтээх) күбэй хотун ийэ фольк. — ийэни ытыктаан-таптаан, эйэргээн-сүгүрүйэн ааттыыр көһөр олук. Всегда покровительствующая нам почтенная госпожа-мать (почтительно-церемонная формула-обращение к матери)
Көмүскэллээх сүрэхтээх Күбэй хотун ийэбит, Аһыныылаах санаалаах Аар тойон аҕабыт, Дьоһуннаах тылбытын Тойоннуу олоруҥ! ТТИГ КХКК

көмүскэстээх

көмүскэстээх (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк., поэт. Аһыныгас, уйан дууһалаах. Жалостливый, сердобольный, сострадательный
Күн судаарбыт Күүстээх сокуонун Көтөхпүтүнэн көстүбүт Көмүскэстээх күн санаалааҕым! А. Софронов
Күүстээх, истиҥ тапталлаах Күндү ийэ көмүскэстээх Көрүүтүттэн-истиититтэн Эрдэ маппыт дьоло суохтар Тулаайахтар барахсаттар. Күннүк Уурастыырап
Көмүскэстээх санаалаах Күбэй хотун ийэҕит Күн сиригэр көрөрүн тухары Көмүскүүр санаатын көҕүрэппэтин. С. Зверев

көҥүрүтүн

көҥүрүтүн (Якутский → Якутский)

туохт. Көҥү баран ойдон, тохтон түс. Отваливаться, отпадать (кусками); разрушаться
Дьиэ сорох сирдэринэн сыбаҕа көҥүрүттэн түспүт этэ. Л. Попов
Суураллаахтыы турар дуу Суоһар хайа тулалаах, Көҥүрүттэ турар дуу Күбэй хайа бүүрүктээх Чочуллубут таас хайа Тулааһыннаах ойоҕостоох. С. Зверев
Сир сиҥнэн, көҥүрүттэн иһэрэ. Д. Апросимов

куо-мэтэкэ

куо-мэтэкэ (Якутский → Якутский)

аат. Сүүрбэ биэстээх-алталаах толуу көрүҥнээх дьахтар. Осанистая полногрудая женщина двадцати пяти-двадцати шести лет
Айгыр-дьаралык хатыммыт, Куо-мэтэкэ хотуммут, Күн-күбэй хотун ийэбит диэн …… аатырдыбыттара. Өксөкүлээх Өлөксөй
Утуйар хостон Чуохаан кыыһа — Эбиэннээх хотуна диэн ааттаах куо-мэтэкэ курбачыйан таҕыста. И. Гоголев