Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күллүргэс

даҕ. Тохтуу-тохтуу бүтэҥитик күүскэ сааллар. Гулко плещущий
Күөх күндүл урсуҥҥун, күллүргэс долгуҥҥун Олус таптаан сүрэхпэр хатаатым. Баал Хабырыыс
Хара муораҕа Дьогдьойон, Тумуллаан киирэн тураҕын, Күллүргэс Күүстээх долгун охсуутун уйаҕын. С. Васильев


Еще переводы:

күллүргүү-халлыргыы

күллүргүү-халлыргыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Быһыттаҕас күллүргэс тыаһы таһааран. Гулко плеща, поплескивая, хлюпая
Лена эбэм …… күүгэн, көлөһүн алла, күүстээхтик күллүргүү-халлыргыы, кур таас хайатыгар тахсан түөһүнэн миккийэр. Суорун Омоллоон

күллүр-халлыр

күллүр-халлыр (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Долгун биэрэккэ охсулларын курдук улахан күллүргэс тыас. Звук набегающих друг за другом, бьющихся о берег волн, шум прибоя, плеск воды
Күөлүм уута күүрэ мөхсөр, Күллүр-халлыр долгун охсор. Күннүк Уурастыырап
Муора баала күллүр-халлыр Кулгаахпар субу сааллар! П. Тобуруокап
Уордаах Терек күллүр-халлыр Очуос таастарын охсор, Силлиэ курдук иэйэр-туойар, Хараҕын уута тохтор. С. Тарасов

күллүргэччи

күллүргэччи (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Эрчимнээхтик, тохтоло суох күллүргэс тыаһы таһааран. Энергично хлюпая
Мас көлөһөнөн күллүргэччи эрдиммит эмиэ баар, ыстаал мотуорунан куугуначчы эрдиммит эмиэ үгүс. Амма Аччыгыйа
Ууну күллүргэччи кэһэн тахсан, сыыры өрө сүүрдэ. А. Федоров. [Борокуот] өрүс уутун күллүргэччи ытыйан биэрэккэ сыстыбыта. И. Федосеев

күллүргээ

күллүргээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт.
1. Тохтоло суох күллүргэс тыаһы таһаар (долгун туһунан). Производить прерывистый и глухой шум, накатывая и ударяясь о берег, плескаться (о волне)
Саҥа-иҥэ суох. Арай долгун эрчимнээхтик охсуоланан күллүргүүрэ, муус-мууска хабырыйсар бүтэҥи тыаһа иһиллэр. Софр. Данилов
Тыал өссө күүһүрбүтэ, долгун баарса истиэнэтигэр охсуллан бокуойа суох күллүргүүрэ. И. Никифоров
Аллараа өрүс туруору эмпэтин анныгар, күүстээх долгун охсуллар тыаһа күллүргүүр. Г. Колесов
2. Тохтоло суох күүстээх тиҥийэр тыаһы таһаар (хол., саа тыаһын туһунан). Издавать непрерывные сильные глухие хлопающие звуки (напр., о стреляющем ружье)
Ханна эрэ саалар эстэн күллүргүүллэр. Далан