Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күлтэй

дьүһ. туохт. Улаханнык үллэн таҕыс. Быть вздутым, надутым
Мээчик наһаа үрүллэн күлтэйдэ. — Онтон хамсатыттан икки омурда күлтэйэн тахсыар диэри табаах буруотун оборон ылан үрэн «бурҕас» гыннаран баран: «Дьэ оччоҕо», — диэтэ. И. Федосеев
Улаатан, үллэ төгүрүйэн көһүн. Выделяться надутостью, увеличенной в объеме округлой формой
Кэҥэс соҕус хос үрдүгэр улахан лаампа ыыс-быдаан ортотугар күлтэйэр. Софр. Данилов
Кубаҕай буруолаах кулуһун уотугар хара чаанньык күлтэйэр. Н. Габышев
Насыров эттээх сирэйэ кытаҕарыйан күлтэйэр, сылабаар күлүгэр остуол уһугар олорор …… кыыс диэки ньалҕарыччы көрүтэлиир. А. Федоров. Биирдэ көрбүтэ — күрүөйэхтэр массыыналара субу күлтэйэн ааһан эрэрэ. «ХС»
Быччайан, кэҥээн көһүн (харах туһунан). Быть выпуклым, выпученным (о глазах)
Тыаҕа оҕус хараҕа күлтэйэн турар үһү (тааб.: халлаан сиигэ). [Харытыана] уоһа ордук болтойбут, хараҕа ордук күлтэйбит курдук. «ХС»

Якутский → Русский

күлтэй=

сильно вздуваться, вспучиваться; хабах курдук күлтэй = вздуться, как пузырь.


Еще переводы:

күлтэт=

күлтэт= (Якутский → Русский)

побуд. от күлтэй = сильно вздувать, вспучивать.

күлтэччи

күлтэччи (Якутский → Русский)

нареч. от күлтэй =; күлтэччи көр = смотреть выпученными глазами.

күлтэрий

күлтэрий (Якутский → Якутский)

күлтэй диэнтэн хамс. көстүү. Улахан оптуобус айаннаан күлтэрийдэ

күлтэкэчий

күлтэкэчий (Якутский → Якутский)

күлтэй диэнтэн субул
көстүү. Массыына бирилии түһээт, күдэни өрүкүтэн, сүүрэн күлтэкэчийэ турбута. И. Федосеев

күлтэҥэлээ

күлтэҥэлээ (Якутский → Якутский)

күлтэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Дьөгүөр арай күлүүһэ тиийбэтэҕинэ, ыйытыыта суох мин холбуйабын хасыһар. Наадалааҕынан буллаҕына, саҥата суох күлтэҥэлии турар. Нэртэ

күлтэһий

күлтэһий (Якутский → Якутский)

күлтэй диэнтэн хамс
көстүү. Кыһыл дьарҕаалаах улахан оптуобус субу күлтэһийэн тиийэн кэллэ. П. Аввакумов
Тоҕус уон алта ат күүстээх улахан тыраахтарбыт күлтэһийэн иһэрин көрө биэрдим. В. Ойуурускай

баараҕайдык

баараҕайдык (Якутский → Якутский)

сыһ. Олус хойуутук, адаарыччы, сараадыччы (хол., чаллах мас туһунан). Ветвисто, раскидисто (напр., о разросшемся огромном дереве)
Таҥара дьиэтин ыксатыгар баараҕайдык үүнэн турар аарыма тиит анныгар улуус милииссийэтин начаалынньыга Олесь Кондратьевич Дудар сыгынньах төбөтө күлтэйэн турара. Л. Попов

күлтэлин

күлтэлин (Якутский → Якутский)

күлтэй диэн курдук
Арай биир киһи хамнаабакка хаар үрдүгэр сыппытын курдук күлтэллэн сытан хаалла, өлбүтүгэр сөп. Болот Боотур
Үүт бүтэй иһигэр ньэмиэскэй муннуктаах, чарапчылаах сэнэх балаҕан кэбиһиилээх от курдук күлтэллэн олорор. «ХС»

күлтэс

күлтэс (Якутский → Якутский)

күлтэй диэн курдук
Ыстааннарын бууттара күлтэһэн тахсыбыт. Ити тугу хаалыыр буоллаҕай? Болот Боотур
«Тибиини саҥа тыырдаран», — диэн баран, уутун иккистээн омурдан, икки омурт эттэрэ өрө күлтэһэн таҕыстылар. Р. Кулаковскай
Мин иннибэр остуолга икки улахан кырапыын күлтэһэн тураллар. СДТА

надулся

надулся (Русский → Якутский)

гл,сов
1. Күлтэйдэ, үлүннэ, дыгдайда. 2. Кыыһырда