Якутские буквы:

Якутский → Русский

күлүктээх

1) имеющий тень; с... тенью; тенистый; күлүктээх мас дерево, дающее тень; күлүктээх суол тенистая дорожка; 2) перен. внушительный, солидный # күлүгэ суох киһи разг. мошенник, плут; үс күлүктээх киһи пройдоха, жулик.

Якутский → Якутский

күлүктээх

даҕ.
1. Күлүгү түһэрэр, сөрүүн, хаххалаах. Тенистый, прохладный, затененный
Тыһаҕастар кутуруктарын хоротон баран, күлүктээх арыы диэки ойуоккаластылар. Л. Попов
Күлүктээх уһун дьулугурас тииттэр быыстарынан ыллык суолунан хаамыстыбыт. С. Тарасов
Түүн үөһэ. Күлүктээх саад иһэ. Туолбут ый толонноох сандала Тунааран ый сэлэ мас быыһынан санньыйар. А. Абаҕыыныскай
2. көсп. Улахан, көстүүлээх, астык. Внушительный, видный, значительный
Баар эрэ күлүктээх сүөһүм, көлүнэр көлөм ол түөртэн кунан эрэ дии, онтукабын ыллаҕына ыал аатыттан ааһаа инибин. А. Софронов
Сайын Бүлүү өрүс устун уһуннахха, Сунтаар үөһээ өттүттэн Ленаҕа киириэххэ диэри, биир эмэ күлүктээх маһы көрбөккүн. «Кыым»
Дьоҥҥо биллэр-көстөр, ордук улахан балаһыанньалаах. Имеющий особое положение, известный, авторитетный
Онтон биһиги дойдуттан буоллаҕыҥ дии, куорат сиргэ, арыычча күлүктээх үлэһиппит диэн эн эрэ, онон көмөлөс. С. Ефремов
3. көсп. Үчүгэйэ суох, куһаҕан. Недобрый, неблаговидный
Отчуот обсерватория уопсай аатыгар күлүктээх санааны хаалларбыт. В. Яковлев
Олоххо утарсыылар, күлүктээх өрүттэр, итэҕэстэр аҕыйаҕа суохтар. «ХС»
Уол оҕо үс күлүктээҕэ — булугасталыгас өйдөөх, сытыы-хотуу эдэр киһи. Находчивый, шустрый, бойкий молодой человек
Орто уол кус быһый, ат бөҕө, уол оҕо үс күлүктээҕэ, киһи бөҕө бэрийэр бэрдэ буолан тахсыбыт. Саха ост. II. Үс күлүктээх киһи — сыыһахалты туттаран, ону-маны булар-талар түөкүн киһи. Пройдоха, жулик.


Еще переводы:

тенистый

тенистый (Русский → Якутский)

прил. 1. (дающий тень) күлүктээх; тенистое дерево күлүктээх мас; 2. (затенённый) күлүкТээх; тенистая аллея күлүктээх аллея; тенистый сад күлүктээх сад.

күлүктүҥү

күлүктүҥү (Якутский → Якутский)

даҕ. Күлүктээх соҕус. Довольно тенистый
Сир, күлүктүҥү буолан, дириҥник ирэ илигэ. Дьүөгэ Ааныстыырап

түктүмэрдээх

түктүмэрдээх (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр., фольк. Күлүктээх, хараҥа (түүн туһунан). Сумрачный, тёмный (о ночи)
Түктүмэрдээх түүнэ суох күрүлүүр күнүһүнэн күөгэйбит [дойду]. ПЭК СЯЯ

ыаһырт

ыаһырт (Якутский → Якутский)

ыаһыр диэнтэн дьаһ
туһ. Этиҥ былыта логлоруйан тахсан халлаан илин өттүн ыаһырда лүҥкүрдүбүт. П. Аввакумов
Дууһаны ыаһырдар күлүктээх күннэри, Дьол кыымын саҕаҥҥын, сууһарыаҥ эн эрэ! «ХС»

куорурҕаа

куорурҕаа (Якутский → Якутский)

туохт. Быртаҕырыам, киргэ-ыарыыга сыстыам диэн сэрэн. Остерегаться или бояться осквернения, заразы и т. д. Хара дьайдаах, хараҥа күлүктээх киһи сытар, онтон куорурҕаатыбыт. ПЭК СЯЯ
Мин быйылгы дьылга тостон түһүөхпүн билэҥҥит куорурҕаатаххыт! ПЭК СЯЯ

түрдэт

түрдэт (Якутский → Якутский)

туохт. Түүрэ тутун, түрдэһиннэр (хол., хаастаргын). Хмурить (напр., брови)
Биир истиҥ кэпсэтииттэн Туох да аны уларыйбат. Хара хааскын түрдэтэн Мунчаарыма кураанахха. Н. Харлампьева
Харачаан кыымнары тамнааттыы Хаастаргын түрдэппэт буолууй дуу, Күлүктээх санаакаҥ халлаанын Күлүктэн харыстыыр буолууй дуу. И. Алексеев

үс

үс (Якутский → Русский)

три; үс киһи три человека; икки аҕыйах үс элбэх игра в "третий лишний" (букв. два мало, три много) # үс дойдуттан со всего света; со всех концов, со всех сторон; үс күлүктээх проныра, плут; үс өргөстөөх , аҕыс кырыылаах добрый молодец; удалец; үс саха фольк. якуты, якутский народ.

быһалаа

быһалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Быһа бар, көнөтүк бар, саамай кылгас суолунан бар. Идти напрямик, кратчайшим путем
Биһиги дьоммут элбэх сырыылаах, сырдык уоттаах киэҥ сирдэри тумнар курдук (быһалаан эбитэ дуу?) күлүктээх кыараҕас уулуссаларынан, муннуктарынан бүгэн истилэр. Н. Заболоцкай
Быһалыам диэн ардыгар, Быстан хаарга хаамарым, Быһалааммын арыт эмиэ Суол муҥун аччатарым. С. Данилов
Кыратык быһалаан да диэн, Дулҕалаах кытахха аны киһи халтарыйан дуу, бүдүрүйэн дуу, иэдээн буолуо. М. Чооруоһап

дьибилгэт

дьибилгэт (Якутский → Якутский)

аат., фольк. Албынкөлдьүн, түөкэй, угаайылаах санаа; кубулҕат. Хитрость, уловка, ухищрение
Абааһы уола этэр: «Үс күлүктээх, сэттэ дьибилгэттээх Тимир Дыбылыҥса инилээҕим». ПЭК ОНЛЯ II
Сэттэ уон сэттэ Дьиибэ дьибилгэттэрин, Дьэс эмэгэт гынан, Испитигэр иҥэрэн, Ийэ куппутун иитиэхтиэҕиҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Тохтоо - болҕой! Иккиһин эрэ оҕустаргын Илиэһэй дьибилгэтэ Иккиһин тиллиэҕэ. П. Ойуунускай

кунустаа

кунустаа (Якутский → Якутский)

туохт. Кунус кутан биэр. Сделать завалинку
Куортуоҕа диэн Кутуу көмүс кунустаабыттар, Тостубатын диэн Тоҥ чугуун тулааһыннаабыттар. С. Зверев
Кунус курдук буолан көһүн. Иметь вид земляной завалинки
Улуу тыа уорҕалаах хайалар Уһун сүнньүгүн кунустууллар, Күлүктээх күтүр буор мурааннар Күдэриктээх күөх түбэлэригэр Күрүө-буодьу буолан тураллар. М. Тимофеев-Терешкин