Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күрэн

туохт.
1. Кимтэн-туохтан эмэ куотан биэр, сас. Убегать, скрываться, спасаться от кого-чего-л.
Күөнтээн, дьиппиэрэн турбут хараҥа сырдыктан күрэнэн орон анныгар ыт курдук симилиннэ, оһох кэннин диэки күрэннэ. И. Гоголев
Кынаттаах аймаҕа итии кыраайдарга күрэнэн көттүлэр. М. Доҕордуурап
Быһата, үрэх баһынан, Өймөкөөнүнэн күрэнэ сылдьар бандьыыт тобохторо «үлэлии» сатаабыттар. Н. Заболоцкай
2. Тугу эмэ тумун, тумна сырыт; туохтан эмэ куотун. Избегать кого-чего-л.; уклоняться от чего-л.
Николай Тимофеев үлэттэн күрэнэрэ, сатаан булан күүлэйдиирэ өс хоһооно буолбут этэ. Амма Аччыгыйа
[Кураантан] улуу тумара уута быстан, кубарыччы хатан, хобдоҕуран барар. Онтон сылтаан булда эмиэ күрэнэр. И. Данилов

Якутский → Русский

күрэн=

1) убегать, скрываться от чего-л.; уоттан күрэн = убежать от огня; 2) избегать чего-л., уклоняться от чего-л.; үлэттэн күрэн = избегать работы.


Еще переводы:

отлынивать

отлынивать (Русский → Якутский)

несов. разг. күрэн, халбарытын, куотун.

күрэнээччи

күрэнээччи (Якутский → Якутский)

күрэн диэнтэн х-ччы аата
Үлэттэн күрэнээччи, куоратынан-оройуонунан көлдьүн күүлэйдээччи урууларгын-аймахтаргын эмиэ дьүүллүүр инигин. С. Ефремов

күһэйээхтээ

күһэйээхтээ (Якутский → Якутский)

күһэй диэнтэн атаах. Күлүбүрэс тымныыбыт Күһэйээхтээн күөрэйдэ, Күргүөмнүүрэ дьоннорбут Көҥүллэрэ күрэннэ. А. Софронов

күүлэйдээччи

күүлэйдээччи (Якутский → Якутский)

күүлэйдээ диэнтэн х-ччы аата
Үлэттэн күрэнээччи, куоратынан-оройуонунан көлдьүн күүлэйдээччи урууларгын-аймахтаргын эмиэ дьүүллүүр инигин. С. Ефремов

үлүгэркээн

үлүгэркээн (Якутский → Якутский)

үлүгэр I диэнтэн аччат. Күнүкэйим оҕото, Көмүс сымыыттарын ханна Күл-көмөр гынаары, Күнүн сириттэн Күрэнэн хаалбыт Үлүгэркээнэй даа?! Өксөкүлээх Өлөксөй

аарыгырыы

аарыгырыы (Якутский → Якутский)

аарыгыр диэнтэн хай
аата. «Солобуодаттан күрэнэммит, арааһа, эбии үргүөрдээх сиргэ кэлбиппит, — Аргыылап оҕонньор сөҥөдүйдэ. — Күнү-түүнү быһа аарыгырыы бөҕө». Софр. Данилов

бокуонньуктаа

бокуонньуктаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Аан дойдуттан араҕыс, күн сириттэн күрэн. Умирать, отправляться на тот свет. Эбэлэрэ бэҕэһээ бокуонньуктаабыт
Аҕалара оҕонньор эрэйдээх бокуонньуктаары гыммыт эбээт. А. Софронов

күөрэйээхтээ

күөрэйээхтээ (Якутский → Якутский)

күөрэй диэнтэн атаах. Күлүк бараан түүннэрбит Күтүр дьыллыын күрэнэн, Күндүл маҥан күммүт Күөрэйээхтээн көһүннэ. Күннүк Уурастыырап
Күндү таас Чаҕыллаах Күлүмнүүр күммүт Күөх халлаан оройугар Күөрэйээхтээн таҕыста. С. Васильев

кэхтии-бохтуу

кэхтии-бохтуу (Якутский → Якутский)

аат. Мөлтөөн, буомуран, кырдьан дьүүкээрии. Упадок, старение, одряхление
Эр хааммын ылынным. Мин да кэхтии-бохтуу кэргэниттэн кэлбэтэх, күрэнии-куотуу бииһиттэн төрөөбөтөх киһибин. Н. Абыйчанин

ордороохтоо

ордороохтоо (Якутский → Якутский)

ордор I, II диэнтэн атаах. Эр да буолан диэн кини Биирдэ тохтуу түспэтэ
Көтөр курдук сайынын Көстөөт күһүн күрэнэр, Дьиэтинээҕэр айанын Ордороохтуур дьэллик эр. Дьуон Дьаҥылы