1) убегать, скрываться от чего-л.; уоттан күрэн = убежать от огня; 2) избегать чего-л., уклоняться от чего-л.; үлэттэн күрэн = избегать работы.
Якутский → Русский
күрэн=
Якутский → Якутский
күрэн
туохт.
1. Кимтэн-туохтан эмэ куотан биэр, сас. ☉ Убегать, скрываться, спасаться от кого-чего-л.
Күөнтээн, дьиппиэрэн турбут хараҥа сырдыктан күрэнэн орон анныгар ыт курдук симилиннэ, оһох кэннин диэки күрэннэ. И. Гоголев
Кынаттаах аймаҕа итии кыраайдарга күрэнэн көттүлэр. М. Доҕордуурап
Быһата, үрэх баһынан, Өймөкөөнүнэн күрэнэ сылдьар бандьыыт тобохторо «үлэлии» сатаабыттар. Н. Заболоцкай
2. Тугу эмэ тумун, тумна сырыт; туохтан эмэ куотун. ☉ Избегать кого-чего-л.; уклоняться от чего-л.
Николай Тимофеев үлэттэн күрэнэрэ, сатаан булан күүлэйдиирэ өс хоһооно буолбут этэ. Амма Аччыгыйа
[Кураантан] улуу тумара уута быстан, кубарыччы хатан, хобдоҕуран барар. Онтон сылтаан булда эмиэ күрэнэр. И. Данилов
Еще переводы: