конвейер (1. Таһаҕаһы тиэйии, тиэрдии, сүөкээһин, атын да үлэ биир күрүс толоруллуутун хааччыйар массыына — транспортер. К. араастара: лиэнтэлээх, хомуостаах, оруолуктаах, эрэдэһиннээх, гравитационнай, дьигиһийэр (вибрационный) уо. д. а; 2. Үлэ быыстала суох эбэтэр утум-ситим утуу-субуу (последовательно) толоруллар технологиятын хааччыйар массыына.)