Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күрүөлээһин

күрүөлээ диэнтэн хай
аата. Улахан гына кэбиһии оттору күрүөлээһиҥҥэ барыстаах. ОҮМ
Ат кыраабылынан оту мустарыы уонна кэбиһии, түстээһин, күрүөлээһин — ити барыта оҕолорго сонун үлэлэр. «Кыым»

күрүөлээ

туохт.
1. Тугу эмэ эргийэ, быыһыы күрүөтэ, бүтэйдэ тут. Делать, ставить изгородь, ограду, забор, обносить что-л. оградой, забором
От кэбиһиитигэр чугас ыаллар көлөлөрүн холбоон, күүстэрин түмэн, от угаллара, түстүүллэрэ, күрүөлүүллэрэ. И. Аргунов
Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Багдарыын Сүлбэ
Былырыын сайын өтөхпүн сылгы тэпсибититтэн кыһыйан, дьону көмөлөһүннэрэн мас бэлэмнээбитим, күрүөлээбитим. «Кыым»
2. Сүөһү хаайар дал, бүтэй тут. Строить загон для скота. Хотоҥҥун күрүөлээ
Иитэр сүөһүнү күрүөлээ фольк. — дьиэ-уот туттан киһи-хара буол. Обзавестись хозяйством, домом, выйти в люди
Кырдьыга да, уот суоҕа буоллар, саха киһитэ эрэйдээх бу чэҥ муус дойдуга хайаан иитэр сүөһүнү күрүөлүө, төрөтөр оҕону төлкөлүө, уостубат олоҕу ууһатыа этэй? Софр. Данилов
Ити аата мин манна олохсуйабын …… Төрүүр оҕону манна төлкөлүөм, иитэр сүөһүнү манна күрүөлүөм! И. Данилов

күрүөлээ-хаһаалаа

туохт. Дьиэ таһыгар сүөһү, сылгы турар гына дал, хаһаа тут. Строить возле дома загон для скота, стойло для лошадей
Дьоннор үөрэн-көтөн, уһаайбаларын күрүөлээн-хаһаалаан бүтэрдилэр. П. Ойуунускай

Якутский → Русский

күрүөлээ=

1) делать, ставить изгородь, ограду, забор; огораживать, обносить оградой, забором; 2) строить загон (для скота); 3) уст. наделять кого-л. сенокосным наделом, угодьем.


Еще переводы:

загородка

загородка (Русский → Якутский)

ж. намыһах күрүөлээһин; соҕоруокка, быыс (в доме).

түстээһин

түстээһин (Якутский → Якутский)

I
түстээ I диэнтэн хай
аата. Кинилэр түстээһиннэрин бэйэ диэки хайыһыннарыахха. В. Яковлев
Уруу тэрийии — олох кэскилин түстээһин. КДьА
Ыал буолуу, кэргэннэнии хайдах-туох хайысхалаахтык сайдан барыахтаахтарын түстээһин наада. ФЕВ УТУ
II
түстээ II диэнтэн хай
аата. Кэбиһиигэ оту түгэхтээһин, түстээһин, кыдамалааһын тус-туспа үөрүйэҕи, күүһү таба туһаныыны эрэйэллэр. В. Тарабукин
Оту мустарыы уонна кэбиһии, түстээһин, күрүөлээһин — ити барыта оҕолорго сонун үлэлэр. «Кыым»
Кэбиһиигэ уонна түстээһиҥҥэ турар дьону солбуйтарар баҕалаах. САБ

огородить

огородить (Русский → Якутский)

сов. что күрүөлээ, бүтэйдээ.

күрүөлэт=

күрүөлэт= (Якутский → Русский)

побуд. от күрүөлээ=.

күрүөлэс=

күрүөлэс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от күрүөлээ=.

отгородить

отгородить (Русский → Якутский)

сов. кого-что күрүөлээ, бүтэйдээ, быыһаа; отгородить дачу забором даачаны соппулуотунан күрүөлээ.

огораживает

огораживает (Русский → Якутский)

гл
күрүөлүүр

городить

городить (Русский → Якутский)

несов. что, разг. 1. (огораживать) күрүөлээ, бүтэйдээ; 2. (говорить вздор) лахсый; # огород городить туһата суохха түбүгүр.

күрүөтээ

күрүөтээ (Якутский → Якутский)

көр күрүөлээ
Отуулар икки ардыларыгар чэчир анньан ыраас хонууну күрүөтээбиттэр. М. Доҕордуурап

загородить

загородить (Русский → Якутский)

сов. 1. что (обнести оградой) күрүөлээ, бүтэйдээ; 2. кого-что (заслонить) хаххалаа; загородить свет сырдыгы хаххалаа; 3. что (преградить) бүөлээ.