возбуждение, пафос; күдээринэ күүрээн ложный пафос.
Якутский → Русский
күүрээн
күүрээн
восклицательный знак.
Якутский → Якутский
күүрээн
аат.
1. Туохтан эмэ олус долгуйуу, көтөҕүллүү. ☉ Сильное возбуждение, волнение, вдохновение
[Сергей] киэһэ сөпкө да кээлтэ буоллар, мунньах ити үлүгэрдээх күүрээнин кэнниттэн, өһүллэ охсон, өйүн-санаатын булунан бэлэмнэниэҕэ саарбах суол эбитэ буолуо ээ. В. Яковлев
Факультекка кафедраларбытынан арахсан үлэ күүрээнигэр кыттыспытынан бардыбыт. ВВ ТТ
2. лит. Үрдүк иэйии, өрө көтөҕүллүү, ааптар идиэйэтэ айымньыга курдат иҥэр улахан илбиһэ. ☉ Пафос, патетика литературного произведения
Платон Ойуунускай саха поэзиятыгар кыырыктаах өрөбөлүүссүйэ охсуһуутун силлиэтинбуурҕатын, уотун-төлөнүн, модун күүрээнин киллэрбитэ. Софр. Данилов. Туох ханнык иннинэ, аҕа саастаах көлүөнэ поэттара Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Таллан Бүрэ, Сергей Васильев поэтическай күүрээннэрэ ахсаабатаҕын бэлиэтиэххэ наада. «ХС»
◊ Күдээринэ күүрээн — албын өрө көтөҕүллүү, долгуйуу. ☉ Ложный пафос
Поэзияҕа «күдээринэ күүрээн» аҕыйаан, истиҥ иэйиилээх лирическэй айымньылар хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэхтик суруллар буоллулар. М. Чооруоһап
Еще переводы: