Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көйөрөр

аат., түөлбэ. Чабычах. Берестяная посуда в виде большой миски, таза.

көйөр

түөлбэ. көр көөнньөр 1,
2
Онтон ыла сайын кэлиитигэр кымыс көйөрөн, ас бэлэмнээн, түһүлгэ тэрийэн, үйэттэн үйэҕэ үгэһи тутуһан сиэр силигин толорон ыһыах ыһыллар буолбут эбит. Саха фольк. Оргуйбут чаанньыкка чэй көйөрдө. «Чолбон»


Еще переводы:

долбит

долбит (Русский → Якутский)

гл
көйөр, алларар, хаһар. Долбит лед, долбит дерево долотом

колет

колет (Русский → Якутский)

гл
1. Хайытар (маһы); көйөр (мууһу). 2. Дьөлө анньар

молоток

молоток (Русский → Якутский)

м. молотуок, өтүйэ; отбойный молоток горн, көйөр молотуок; # продавать имущество с молотка уст. малгын туорга атыылаа.

рыхлитель

рыхлитель (Русский → Якутский)

көбүтээччи, көйөөччү (чиҥ эбэтэр тоҥ буору көйөр, көбутэр тимир килииннээх тракторга иилиллэр механизм, буору тиэрбэккэ эрэ диршгник көбутэр булуук, чөнөчөҕү, бөдөи тааһы, талаҕы түерэр массыына, сири көбүтэргэ аналлаах культиватор кө-рүҥнэрэ киирэллэр.)

хаһырҕаччы

хаһырҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Туох эмэ кытаанаҕы, үлтүрүйүмтүөнү (хол., мууһу) көйдөххө бытарыйан тыаһыырын курдук. С хрустом, треском (ломаться, рассыпаться — напр., о куске льда)
[Аграфена:] Мантыкаҥ [эриэхэ] да син харчы! Ылаллар хаһырҕаччы! Р. Баҕатаайыскай
Наталья алтан тааска куукуна быһаҕынан муус көйөр, мууһу хаһырҕаччы охсорун кытта алтан тыаһыыр. М. Горькай (тылб.)

уҥуоҕур

уҥуоҕур (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кытаат, мастый. Грубеть, затвердевать, костенеть (напр., о растениях)
Күөх луугу уонна чочунааҕы уҥуоҕура иликтэринэ бэс ыйыгар үргээн тууһаныллар. ТИИ ЭОСА
Өҥүргэстээх балыктар дьардьамалара олохторун устатын тухары уҥуоҕурбат. ББЕ З
Көйөрүллэр аһылык үгүс өттүн ордук дороххой, уҥуоҕурбут, хаачыстыбатын сүтэрбит аһылыктар — уу ото, соломо, былах, мас лабаата ылаллар. АДГ СКУо
2. көсп., кэпс. Эр киһи киэбин ыл, улаат, төлөһүй (уол оҕону этэргэ). Переходить из подросткового возраста в юношеский, мужать
Уорбаҕа угуллубут Уруттаан уҥуоҕурбут Уолҕамдьы санаалаах Уолчааным сордоох! А. Софронов
Ийэм ыарытыйар, мин кырабын. Уҥуоҕура илик үһүбүн. В. Миронов

түһүлгэ

түһүлгэ (Якутский → Якутский)

аат.
1. Дьон тохтоон түһүүлэммит, быстах олохсуйбут сирэ. Место обитания, становище, стойбище
Отуу кэтэҕэр, хойуу талах хоту хонноҕор, элбэх дьон түһүлгэлэрэ кэрэлэнэн сытар. Р. Кулаковскай
Ол хочоҕо баһаам элбэх түһүлгэлэр бааллара. Эвен фольк. Аллараа Кураанах — өҥ буордаах, бараммат-хороммот барҕа баайдаах, дьоллоох түһүлгэ. «ХС»
2. Сиэри-туому толорон түөлбэлээн мустар, чэчир, салама киэргэтиилээх ыһыах ыһар сир. Место проведения якутского национального праздника ыһыах, украшенное зеленью и другими атрибутами, где проводится церемония кумысопития
Онтон ыла сайын кэлиитигэр кымыс көйөрөн, ас бэлэмнээн, түһүлгэ тэрийэн, үйэттэн үйэҕэ үгэһи тутуһан, сиэр силигин толорон, ыһыах ыһыллар буолбут эбит. Саха нар. ыр. II. Биир сайын Эллэй Боотур чэчир анньан, сиэлинэн, ситиинэн симээн, сэргэ туруортаан, түһүлгэ диэни оҥорон, онно сылгы, ынах кымыһын мунньан, Үөһээ бары айыыларын, сөһүргэстээн олорон уруй охсон, алгыыр
Саха фольк. Көр бөҕө көҕүлүттэн тутуллан, Оонньуу бөҕө оройуттан харбанан Түһүлгэ төрүттэннэ. С. Зверев
3. Дьон мустан тугу эмэ ыытар, күрэхтэһэр сирдэрэ. Место для проведения каких-л. мероприятий, спортивных соревнований
Успуорт дыбарыаһыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии түһүлгэтэ. Н. Лугинов
Ат сүүрдүүтүн кэнниттэн оһуохай түһүлгэтэ саҕаламмыта. Ойуку
Үүнүү-күүрүү быйаҥын барҕардар, Үөрүү-көтүү халлаанын сырдатар Ас-чаллараҥ түһүлгэтин Аан бастаан тардабыт. С. Васильев
Ыраата сылдьаммын ахтабын — Ыһыахха түһүлгэ далбарын, Күөн көрсөн, бөҕөс дьон тустуутун, Күйгүөрэр оһуохай оонньуутун. И. Федосеев
Дьол (дьол-соргу) түһүлгэтэ – дьон түмсэр, үөрэр-көтөр, дьоллонор сирэ. Место, где люди радуются, веселятся, находят своё счастье
Дьол-соргу түһүлгэтин Чэйиҥ эрэ, тэнитиҥ! Баал Хабырыыс
Киэҥ Туймаада ийэ хотун Дьол түһүлгэтэ буоллун, Уот кураан, хамсык түспэтин, Дьоллоннун кыыһыҥуолуҥ. И. Эртюков
ср. тув. дүжүлге ‘престол’, туркм. дүшелге ‘стоянка, место стоянки’