Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көлбөрүй

туохт.
1. Тугу эмэ (хол., буруйу) бэйэҕиттэн атын киһиэхэ халбарыт; туохтан эмэ куотуна сатаа. Сваливать на кого-л. что-л. (напр., вину); уклоняться от чего-л.
Буруйу барытын Чыычаахапка көлбөрүйэн кэбиһиэн сөптөөх. Софр. Данилов
Кулуба эбээһинэһин уолугар Ньукулайга көлбөрүйэр. Н. Якутскай
Эдэр киһи тутуллан бүппүт баанньык ис-тас иирчэхбаарчах үлэтин отделениеҕа көлбөрүйээри киирбит. С. Руфов
2. Сыыйа урукку миэстэҕиттэн уларый, сыҕарый. Постепенно освобождать занимаемое прежде пространство, отступать, отодвигаться
Охтубут мас уоһунна, Көтөҕө буруо көлбөрүйдэ, Күөх унаар тунаарыйда. Саха нар. ыр. III
Ол кэннэ дьахтар …… үс үрүмэтийбит үүт күөлүгэр киирэн, умсаах кус буолан, үс түүннээх күн умсан ыллаҕына — күөх дьайа көлбөрүйэн, хара дьайа дьалбарыйан хаалбыт. ПЭК ОНЛЯ V
Көмүрүө хаар күтүр Көлбөрүйэн барда. Өксөкүлээх Өлөксөй
ср. калм. көлвр ‘шататься’, бур. хүлбэр ‘падать, упасть; кидаться вверх и вниз’, монг. хөлбөрө ‘перекувыркиваться; лежать на земле’

Якутский → Русский

көлбөрүй=

сваливать на кого-л. (напр. свою работу); уклоняться от чего-л.; үлэтин киһиэхэ көлбөрүйэр он свою работу сваливает на другого.


Еще переводы:

көлбөрүйүү

көлбөрүйүү (Якутский → Русский)

и. д. от көлбөрүй =.

көлбөрүйүү

көлбөрүйүү (Якутский → Якутский)

көлбөрүй диэнтэн хай. аата. Эппиэтинэһи атын киһиэхэ көлбөрүйүүнү мин сөбүлээбэппин

көлбөрүт=

көлбөрүт= (Якутский → Русский)

побуд. от көлбөрүй = избавляться от чего-л.; сбывать что-л.; сорудаҕы бэйэтиттэн көлбөрүтэр он уклоняется от поручения.

көлбөрүлүн

көлбөрүлүн (Якутский → Якутский)

көлбөрүй диэнтэн атын
туһ. Тыраахтардарын ол-бу аайы былдьаан ылан иһэллэр. Онуоха туох үлэтэ тахсыаҕай?! Буруйа буоллаҕына кэлин бүтүннүүтэ эйиэхэ көлбөрүллэр. В. Яковлев

күлкэдит

күлкэдит (Якутский → Якутский)

күлкэдий диэнтэн дьаһ
туһ. «Бэйэҥ ойоххун бэйэҥ ыллаҕыҥ!» — диэн күтүрээн миигин күтүр күүспүн күлкэдитэн, модун буолабын тохтотон …… эппин-тириибин алдьаппыта охсуһан. ПЭК ОНЛЯ IV. Күүстээҕи күлкэдиппит Көмүрүө хаар күтүр Көлбөрүйэн барда. Өксөкүлээх Өлөксөй

аҕыстаах

аҕыстаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Аҕыс саастаах. Восьмилетний
Аҕыстаахпар өйдүүбүн Аһыҥалаах сыһыыны, Ытыс саҕа ыһыыны... Күөх уулаах бутугаһы, Көлбөрүйбэт тар аһы. Эллэй
Самнайбыт хатырык хоспох аттыгар хатырбыт илиилээх-атахтаах аҕыстаах Уоһук олорор. Н. Якутскай
[Кыракый уол] аҕыстааҕыттан сааламмыта, орто үөрэхтэммитэ, булчут идэтин туохтааҕар да ордорбута, буспут-хаппыт булчут буолбута. И. Данилов

көлбөрүт

көлбөрүт (Якутский → Якутский)

көлбөрүй диэнтэн дьаһ
туһ. Эн суос-соҕотох Сылаас сыдьаайыҥ Өлүөнэ эбэ хотун Күтүр мууһун көлбөрүтэр. С. Данилов
Ойуур дьоно бары этэллэр — суоппар испэтэҕэ диэн. «Аһыналлар, көлбөрүтэллэр», — дииллэр силиэстийэлээччилэр. Н. Габышев
Хата кэлин үлэ итэҕэһин, туох туолбатаҕын барытын партийнай тэрилтэ сабыдыала мөлтөҕөр көлбөрүтүөҕэ. «ХС»

свалить

свалить (Русский → Якутский)

сов. 1. кого-что (повалить) охтор, сууллар, түҥнэр; свалить дерево маһы охтор; пуля свалила его кинини буулдьа түҥнэрдэ; 2. кого-что (сбросить) тох, кут; свалить мусор в яму бөҕү дьаамаҕа тох; 3. что (груз, ношу и т. п.) түһэр; 4. кого-что, перен. разг. (свергнуть) сууллар; свалить царизм ыраахтааҕы былааһын сууллар; 5. кого, перен. разг. (о сне, болезни) охтор, түҥнэр; 6. на кого-что, перен. разг. түһэр, көлбөрүй; свалить вину на другого буруйу атын киһиэхэ түһэр.

бүрүө

бүрүө (Якутский → Якутский)

аат.
1. Тугу эмэ сабар, бүрүйэр хаппах, сабыы. Покрышка, покрытие чего-л.
Люда Светлова саҥа доҕорунуун олорон иһэр суппуун суорҕан бүрүөлээх сыарҕаларын үрдүнэн буулдьа быыстала суох ыйылаабыта. С. Никифоров
Чүөчээски уһуктубута титирээн бабыгырыы сытар эбит. Аҥар өттө бүтүннүү баттахтыын, таҥастыын — муус бүрүө буола хаһыҥҥа кырыаран хаалбыт. Суорун Омоллоон. Охтубут мас уоһунна, Көтөҕө бүрүө көлбөрүйдэ, Күөх унаар тунаарыйда. Саха фольк.
2. Туохха эмэ (хол., ааҥҥа) тириини, халыҥ таҥаһы, боолдьоҕу о. д. а. тиирэн, тоһоҕолоон бүрүйүү. Обивка, обшивка (двери, мебели)
Ыкса киэһэ халҕан тоҥ бүрүөтэ таһыттан тардыгырыы түһэр [ыт тарбаан]. Амма Аччыгыйа
Аан эргэрэн тырыттыбыт бүрүөтүн харбыаласта, туох эрэ чорбойон турарыттан ылла уонна ааны эрчимнээхтик аһа баттаата. Н. Заболоцкай
3. анат. Тыыннаах харамай эбэтэр үүнээйи ханнык эмэ чааһын чараас хаҕа, сарыыта. Плева, плевра, оболочка. Салыҥнаах бүрүө. Тыҥа бүрүөтэ. Харах дьэҥкир бүрүөтэ
1949 сыл атырдьах ыйын икки күнүгэр Филатов харах дьэҥкир бүрүөтүн олордууга тыһыынчатын толорор операциятын оҥорбута. «Кыым»
Луук сүмэһиннээх араҥатыттан чараас дьэҥкир суба бүрүөтүн бэркэ сэрэнэн хастаан ыламмыт, көрүөҕүҥ. КВА Б
Афоня өлбөөдүйбүт, бүрүөтэ сабыллыбыт курдук, харахтара тугу да эппэт, кими да билбэт этилэрэ. Ю. Чернов (тылб.)

сүктэр

сүктэр (Якутский → Якутский)

  1. сүк диэнтэн дьаһ. туһ. [Ойуунускай] хонук сиргэ төннөргө үксүгэр саатын атын киһиэхэ сүктэрэр уонна тайахтанан, ортобутугар сэһэргэһэн эҥээрийэ иһэр. Амма Аччыгыйа
    Убайа туутун көрөн баран, балыгын уолугар сүктэрэн, дьиэтигэр ыыппыт, оттон бэйэтэ илимнии хаалбыт. Суорун Омоллоон
    Бу икки эдэр киһи хайыы-сахха тэриммит, бэлэм маллаахтарын сүгэллэр, Сүөдэргэ эмиэ сүгэһэр сүктэрэллэр. Н. Якутскай
  2. көсп. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ гынары соҥноо; оҥороругар күүс өттүнэн күһэй. Навязывать что-л. кому-л.; взваливать что-л. на кого-л. [Чымаарап:] Бу кэлэр бырааһынньык дакылаатын миэхэ сүктэрэн өлөрдүлэр буолбат дуо? Суорун Омоллоон
    Үспүйүөннэри тутар операцияны застава начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччуга сүктэрбиттэрэ. Н. Якутскай
    Саамай ыарахан үлэлэри толорууну кулуттарга сүктэрэннэр, Афины көҥүл эр дьонноро бириэмэлэрин үксүн куораты тутууга атаараллара. КФП БАаДИ
  3. көсп. Кимиэхэ, туохха эмэ түһэр, көлбөрүй (хол., буруйу, эппиэтинэһи). Перекладывать, сваливать на когочто-л. (напр., вину, ответственность). Буруйу атын киһиэхэ сүктэр
    Кыра да былыт таҕыстар ардаҕы тарда турар хаардаах хайаҕа бары буруйу сүктэрэллэрэ. Н. Заболоцкай
    Сүктэр кыыс — кэргэн тахсан, саҥа ыал буолар кыыс. Девушка, вступающая в брак, невеста
    Сүктэр кыыс кэннин хайыһан көрбөт ыйаахтааҕар дылы (өс хоһ.). Ити аны саас эргэ сүктэр кыыс. Күндэ
    Хас сүктэр кыыс атын тэрилин ойуута-бичигэ ис хоһоонунан, суолтатынан биир сыаллаах-соруктаах да буоллар, уустар дьоҕурдарыттан, туттубут матырыйаалларыттан эмиэ тутулуктаах. КДьА
    ср. алт. дьүкте ‘нагрузить, навалить, навьючить’