туохт., эргэр. Кыыран көннөрү киһи билбэтин-көрбөтүн билэнкөрөн быһаар (ойуун, удаҕан туһунан). ☉ Находясь в состоянии транса, иметь видение, провидеть, распознавать и толковать что-л., недоступное восприятию обычных людей (о шаманах, шаманках)
Көрдөһөбүн, көрүүлэнэн көр. Ким уорбутун бар дьоҥҥо этэн биэр. Болот Боотур
Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэнэллэрэ. Н. Якутскай
[Оҕо] ууга түһэн өлбүт, онон көстүө суоҕа — диэн көрүүлэммитэ үһү [Аапаахаан диэн тоҥус удаҕана]. Эрилик Эристиин
Якутский → Якутский
көрүүлэн
Еще переводы: