Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көрүүлэнии

көрүүлэн диэнтэн хай. аата. Сэһэннэргэ Омоҕой Өлүөнэ ортоку хочотугар үөһээ айыылар ыйаахтарынан, айыы ойууннарын көрүүлэниилэринэн сирдэтэн көһөн кэлбитэ дэнэр. Саха сэһ
1977. Ойуун ити көрүүлэниитэ хара былыт курдук ыаһаан, ыалтан ыалга сүүрбэхтээн, сыстыганнаах дьаҥ курдук тарҕанна. Р. Кулаковскай. Дьиэлээх дьон ойуун көрүүлэниитэ чопчу туолбутуттан куттанан, сирэй-сирэйбитин көрсөн кэбиспиппит. «Саха с.»

көрүүлэн

туохт., эргэр. Кыыран көннөрү киһи билбэтин-көрбөтүн билэнкөрөн быһаар (ойуун, удаҕан туһунан). Находясь в состоянии транса, иметь видение, провидеть, распознавать и толковать что-л., недоступное восприятию обычных людей (о шаманах, шаманках)
Көрдөһөбүн, көрүүлэнэн көр. Ким уорбутун бар дьоҥҥо этэн биэр. Болот Боотур
Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэнэллэрэ. Н. Якутскай
[Оҕо] ууга түһэн өлбүт, онон көстүө суоҕа — диэн көрүүлэммитэ үһү [Аапаахаан диэн тоҥус удаҕана]. Эрилик Эристиин


Еще переводы:

ворожба

ворожба (Русский → Якутский)

ж. сэрэбиэйдээһин, көрүүлэнии.

көрүүлэт

көрүүлэт (Якутский → Якутский)

көрүүлэн диэнтэн дьаһ
туһ. Ойууну көрөн, көрүүлэтэ, Таарыйа дьарҕаны силлэтэ, Эрдэттэн ыаллар мусталлар. Дьуон Дьаҥылы

кутурбахтаа

кутурбахтаа (Якутский → Якутский)

кутур диэнтэн тиэт
көрүҥ. Хаарчаан мэнээк кутурбахтаан баран, хоһоон таһааран көрүү көрүүлэнэн барда. Болот Боотур

кыкыһыйбахтаа

кыкыһыйбахтаа (Якутский → Якутский)

кыкыһый диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Ойуун] кыыран кыкыһыйбахтаан баран, Сыллайы да, эмээхсини да иккиэннэрин санааларын табар гына көрүүлэммитэ буолла. Амма Аччыгыйа

көрүүлэннэр

көрүүлэннэр (Якутский → Якутский)

көрүүлэн диэнтэн дьаһ
туһ. Мин моонньубар атын ойуунна аҕалан көрүүлэннэрэн санаабын астыннарыҥ. Эрилик Эристиин
Кини бара сатаан биирдэ нэһилиэк аатырар ойуунугар кистээн көрүүлэннэрэн көрбүттээх. Н. Заболоцкай

көрүүлээ

көрүүлээ (Якутский → Якутский)

көр көрүүлэн
Мас Өнүйүк ойууну кыырдаран, биир тараах күрдьүгэс кунан оҕуһу өлөрөн, сэрии сэбин хааннаатылар. Ойуун кыыра туран көрүүлээн эттэ. Эрилик Эристиин

ойуумсуй

ойуумсуй (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Көрүүлэнэр, кыырар буолан бар. Проявлять способности шамана, ясновидящего, колдовать. [Кыһыл Ойуун:] Үс сыл буолла ойуун буолбутум Онуоха дылы ойуумсуйбат этим, Онуоха дылы биттэммэт этим. П. Ойуунускай
Аҕата дьиэтигэр-уотугар ойуумсуйбат этэ. И. Гоголев
Эдэрбэр көрүүлэнэр, ойуумсуйар этим. Н. Босиков

кулуһут

кулуһут (Якутский → Якутский)

көр кулуһуй
1.
Түөлбэ хаан дүҥүрүн Үс төгүл охсон Бүрдьүгүнэтэн баран, Ыллаан ыҥсалыта, Кутуран кулуһута, Көрүүлэнэн лүһүгүрүү олордо. Өксөкүлээх Өлөксөй
үйэҕэ соҕотох Боотурускай улууска 164 ойуун, 186 удаҕан кутуран кулуһуталлара, кыыран илгистэллэрэ. ФММ ДьКС

кыырдар

кыырдар (Якутский → Якутский)

кыыр диэнтэн дьаһ
туһ. Хас ыалдьыбыт киһи ахсын, хас сүөһү өллөҕүн, хас сүтүк таҕыстаҕын ахсын барытыгар ойууну ыҥыраллара, кыырдараллара, көрүүлэнэллэрэ. Н. Якутскай
Бу киэһэ «Бэстээх» ыалыгар кыырдараары хантан эрэ удаҕан аҕалбыттар үһү. Эрилик Эристиин

бараһыайдаа

бараһыайдаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Туох эмэ (хол., хаарты) көмөтүнэн инникини билгэлээ, көрүүлэн. Ворожить, гадать
Оҕолор дьиэлэригэр кэлэн сэлиэнэйдээх ууга биһилэҕи түһэрэн, олох маска бүргэһи сүүрдэн эҥин бараһыайдыы сатыыллар. Софр. Данилов
Тима сөмүйэтин сөмүйэтигэр анньан бараһыайдыыр. И. Гоголев
Биир эмээхсин таас кыырпаҕынан бараһыайдаан Маннык диэн мин дьылҕабын таайан турардаах: «Инники сыалыҥ эриэккэс эрээри, Элбэхтэрэ бэрт эбит өстөөхтөрүҥ». Р. Гамзатов (тылб.)