Якутские буквы:

Якутский → Якутский

логлорут

логлоруй II диэнтэн дьаһ
туһ. Араас массыынаны хастаран, динэмиитинэн дэлби тэптэрэн, хойгуонан, луомунан логлорутан үлэлээн истибит. Суорун Омоллоон
[Тыраахтар маһы] Туллаҥалатан тардыалаабыта Тоҥор тиийэн логлорутта. Е. Иванова
Отутус сыллардааҕы көлүөнэ дьон …… тоҥ таас буору луомунан логлорутан, таачыканан таһан туппуттар эбит бу магистралы. БИ СТ

Якутский → Русский

логлорут=

побуд. от логлоруй = откалывать; отдирать; тоҥ буору логлорут = долбить мёрзлую землю.


Еще переводы:

откалывает

откалывает (Русский → Якутский)

гл
кээрэтэр; логлорутар, ойутар

тартайбыт

тартайбыт (Якутский → Якутский)

тартаҕар диэн курдук
[Атыыр] кыдьыгыран, сүүрэн бидилгэхтээтэҕинэ тоҥ буору логлорута тэбэр, …… киэҥник тартайбыт таныыта тардырҕас буолар. «ХС»
Кини тартайбыт таныылаах, кырыылаах, хонтойбут улахан муруннааҕа. И. Тургенев (тылб.)

тойболун

тойболун (Якутский → Якутский)

тойбой диэн курдук
Тойболлон сытан: «Дуо-оо-оо!» — диэтэҕинэ, Тоҥ буор логлоруттар. С. Данилов
Кини бэйэтин хоһугар, бэйэтин оронугар утуйан тойболло сытар. И. Левин

логлорута

логлорута (Якутский → Якутский)

логлу диэнтэн хат.- күүһүр
[Бухатыыр атын] Түөрт түөрэм таас туйахтара Сытар ынах ханнын саҕа Сымара хара таастары Тобурах курдук Логлорута тэптэ. П. Ойуунускай. Олбуор аҥаар өттүгэр хортуоппуй олордуллубута үүнэн ахан буорун логлорута т э б э н т а х с ы б ы т. В. Протодьяконов

ытырсыы

ытырсыы (Якутский → Якутский)

ытырыс диэнтэн хай
аата. Охсуһуу уон төгүл улаатта, дайбаһыы, ырдьыгынаһыы, ытырсыы, кэбийсии буолла. Д. Апросимов
Орулууорулуу харса суох кииристилэр: табыйсыы, логлорута ытырсыы, эргичис гына-гына тэпсии киэнэ кытаанаҕа. С. Маисов

эһиэлээ

эһиэлээ (Якутский → Якутский)

эс I диэнтэн төхт
көрүҥ. Ньуукан логлорута анньан, көһөҥө хаары эһиэлээн, хороон устун хаһан истэ. Чэчир-68
Кыыс хаарбас иһигэр олорон, уҥа илиитинэн хомуоһунан ууну баһан эһиэлээтэ. «Чолбон»
Тимир оһох үрдүгэр ылтаһын чаанньык, хаппаҕын өрүтэ эһиэлээн, лыбыгырата турбута. Е. Ильина (тылб.)

логлорутун

логлорутун (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Л о г л у ойон, өрө болчойон таҕыс. Выступать на поверхности чего-л. бугром, выпуклостью
Дьугдьуур дьааҥыта, онон-манан ыҥыыр курдук логлоруттан, өрө өрөһөлөнөн тахсыталаан, аан дойду улуу арҕаһа буолан, үрдээн ахан турар. Д. Апросимов
Быччыҥнара, болгуо курдук логлоруттан тахса-тахса, баһымньытын туора дайбаан, кууһуннартыы турда. М. Доҕордуурап
Эмискэ логлоруттубут сүүнэ хайалар аарыма арҕастара өрө багдас гына түспүттэрэ. П. Аввакумов
2
логлоруй II д иэ н к у рд у к. Тойболлон сытан: «Дуо-оо-оо!» — диэтэҕинэ, Тоҥ буор логлоруттар. С. Данилов

багдас гын

багдас гын (Якутский → Якутский)

багдай диэнтэн көстө түһүү. Эмискэ логлоруттубут сүүнэ хайалар аарыма арҕастара өрө багдас гына түспүттэрэ. «ХС»
Били өксөкү кыыл Араат Мохсоҕол Бастыҥ сэргэтигэр Багдас гына олоро түстэ. С. Васильев
Массыына өрө ньирилии түһээт, кэннинэн хааман олорор дьааматыттан эмискэ биирдэ үөһэ багдас гына түһэр. С. Никифоров

лөглөрүт

лөглөрүт (Якутский → Якутский)

  1. лөглөрүй диэнтэн дьаһ. туһ. Хабырыыс от үрдүн хаарын күр дьэҕинэн таҥнары анньыталаата, тор дуохтаан лөглөрүтэн барда. М. П опов
    2
    көр логлорут. [Баабыр] кэлин атахтарынан күүскэ тирэнитэлээн ыллаҕына тоҥ буору лөглөрүтэ тэбиэлээн кэбиһэр эбит. Л. Попов
    Чэҥирбит чигдини тимир лаппаакынан быһыта кэйэн лөглөрүтэн, хаары уулуссаҕа ыстым. Н. Габышев
тэбитэлээ

тэбитэлээ (Якутский → Якутский)

тэп I диэнтэн төхт
көрүҥ. Бу кэрэспэдьиэн буоллаҕына адьас сибилигин «аай-сыбаай» диэбитинэн, атаҕын өрүтэ тэбитэлээн, хааман дьоролдьуйан барыахха айылаах. Софр. Данилов
«Бэрт сөп!» — Тогойкин үөрдэ, тиэтэйдэ, хайыһардарын кэтитэлии охсон, халтарыччы тэбитэлии турда. Амма Аччыгыйа
Хастыы да саһааны ойо-ойо, кыыллара ити курдук, тоҥ буору логлорута тэбитэлээн, көбүс-көнөтүк түһүөлүү турбут. Л. Попов