несов., лопнуть сов. I. дэлби бар, үлтү ыстан, быһа бар; стакан лопнул ыстакаан дэлби барда; 2. перен. разг. (потерпеть крах) эһин, эстэн таҕыс; # терпение лопнуло тулуур баранна; лопнуть со смеху прост, күлэн дэлби бар; хоть лопни прост, дэлби да ыстан син биир (туһата су ох).
Русский → Якутский
лопаться
Еще переводы:
дэлбэрий= (Якутский → Русский)
1) трескаться, лопаться (с большой силой); күөл мууһа дэлбэрийэр лёд на озере трескается (с оглушительным шумом); 2) груб, жрать, трескать.
хабырыта (Якутский → Якутский)
хабырыта бар — быһытталанан, хайыта бар (хол., тириини этэргэ). ☉ Трескаться, лопаться (напр., о коже)
Хаамарбар атаҕым тириитэ хабырыта баран хаалбыт. Күндэ
Онуоха эбии, уу былахыта ытырарыттан сотото бүтүннүү хабырыта баран бааһыран тахсыбыт. ВМП УСС
Ол эбилик эрэһиинэ (каучук) эргэрэн мырчыстарын, хабырыта барарын бохсор. ЮГ КХЭДьС; хабырыта ыстан — эмискэ сүр улаханнык тыаһаа, түптэ саалын. ☉ Произвести громкий шум, разразиться громом, загрохотать
Сир сиҥниэҕинэн, Халлаан хайдыаҕынан Хабараан тыас Хабырыта ыстанна. П. Ядрихинскай
Саа тыаһа өссө эбиллэн хабырыта ыстанна. А. Сыромятникова
уой (Якутский → Якутский)
I
туохт. Үчүгэй аска-үөлгэ сылдьан, эттэн, соноо (киһи туһунан). ☉ Полнеть, поправляться, становиться толще (о человеке)
Аныгы эдэр дьон уойа сатаабаттар. Далан
Үүйэтэ адьас уларыйбатах эбит, дьүдьэйбэтэх даҕаны, уойбатах даҕаны. Л. Попов
Сааскы өттүгэр саарыкпын толору аһатаҥҥыт уойдарбын эмиэ сухаһыт үтүөтэ …… буолан тахсыах этим. М. Доҕордуурап
△ Үчүгэйдик аһаан-сиэн, ыйааһыныҥ эбиллэн, тубус, сыалан, төлөһүй (сүөһү, кыыл туһунан). ☉ Становиться жирнее, тучнеть, нагуливать жир (о животных)
Ыт уойбутугар дылы (өс ном.). Үөн-көйүүр хаптайан, сылгылар уойан, самыылара төгүрүйэн, түүлэрэөҥнөрө килбэлдьийэн испитэ. И. Федосеев
Кураан дьыл тыа аһа, отон араас үүммэтэҕинэ, эһэ уойбакка хаалан, кыһын арҕахтан туран мэнээктиир үһү. Н. Заболоцкай
♦ Бөлөнөххө (бөлөнөҕөр) тот (уой, бөскөй, мөскөй, мөлбөй) көр бөлөнөх
Билигин биһиги бөлөнөхпүтүгэр уойан, маска эрэ ыттыбакка сылдьара буолуо. П. Ойуунускай. Туора тот (уой, туол) — сыта (кэдэрги, сытыйа, туора) бай диэн курдук (көр бай I). Тойоттор-хотуттар туора уойан кэбилэнэн эрдэхтэрэ. Уһаты уой кэпс., сиилээн. — аһара соноо, уой. ☉ Заплывать жиром, лопаться с жиру
Аҕаҥ бар дьон хара көлөһүнүн супту уулаан муспут баайыгар уһаты уойдаҕыҥ... Амма Аччыгыйа
II
саҥа алл. Соһуйууну, уолуйууну көрдөрөр. ☉ Выражает удивление, испуг (ой, ох)
Уой, оҕолоор истиҥ эрэ Уол миэхэ тугу диирин: Күн сиригэр миигин эрэ Күүстээхтик таптыыр үһү. С. Данилов
Бу «уой» биһиги дьоммутун олоххо хат төнүннэрбит курдук иһилиннэ. Н. Заболоцкай
Түгэх хоско дьиэлээх дьахтар: «Уой!» — диэн уолуйбут хаһыыта иһилиннэ. В. Протодьяконов