Якутские буквы:

Якутский → Якутский

лэҥкэлин

лэҥкэй диэн курдук
Хараҕа киэҥэ, ырааһа, төбөтө лэҥкэллэн улахана, сүүһэ кэтитэ — сүрдээх киһи. Амма Аччыгыйа. Иирсэн хаалбыт хойуу будьурхай баттахтаах, лэҥкэллибит төбөтүттэн сэтэлээх суон моонньун кириҥэтин куоһааҕын устун кө лөһүнэ таҥнары харыйан түспүт. Күн нүк Уурастыырап


Еще переводы:

соллой

соллой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Киһи сирэйин модороон дьүһүннүүр улахан, халыҥ уостаах буол. Иметь большие толстые губы, придающие лицу некрасивый вид
Билигин аҕай субу ытыах курдук соллойон олорбута ити баар, аны күлүүтүнэн киһини дөйүтэн кэбистэ. Н. Лугинов
Соллойбут уостаах Лэгиэнтэй диэн киһи Лэҥкэллэн турар эбит. Кэпсээннэр

боллоҕор

боллоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Халыҥ, улахан, бөлтөйөн көстөр (хол., уос). Толстый, большой, пухлый (напр., о губах)
Боллоҕор соҕус уоһун үрдүнэн кугастыҥы бытыктаах саас ортолоох киһи улам күлэн-оонньоон барда. Амма Аччыгыйа
[Чэйин] боллоҕор улахан уоһун үлүннэрэн, үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, сыпсырыйа олордо. ПНИ ДКК
[Оҕо] боллойбут уостарын биллэ-биллибэттик ибигирэтэн кураанах суоскатын оборор. А. Федоров. Икки иэдэһигэр тордоҕуран эрэр бытыктаах, боллойбут омуртаах, лэҥкэллибит төбөлөөх сонос киһи остуолуттан туран кэллэ. «ХС»

сэтэлээх

сэтэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Эбии сэтэрэн иһэр курдук уҕараабат, хараабат күүстээх. Усиливающийся, происходящий с ещё большим задором, с неутомимой энергией, силой. Сэтэлээх санаа
Ньукулай Киргиэлэйэп хардьыгынас соҕус гынан баран бэрт сэтэлээх, чуор саҥалаах киһи этэ. Бэс Дьарааһын
Сир иэнэ ньиргийэ дьигиһийэр Сэтэлээх силлиэтин мэҥиппиппит. Күннүк Уурастыырап
2. кэпс. Күүрэн көстөр быччыҥнардаах, модьурааһыннаах. С напрягшимися мышцами; имеющий утолщённость в каком-л. месте
[Тимир Суодалба ойуун] аллаах ат харатын саҕа сэтэлээх муруннаах. ПЭК ОНЛЯ II
Сомоҕоллой сэтэлээх моонньун дьүккүк гыннарда, оҕуһун диэки хааман нүксүлдьүйбүтүнэн барда. Болот Боотур
Иирсэн хаалбыт будьурхай баттахтаах, лэҥкэллибит төбөтүттэн сэтэлээх суон моонньун кириҥэтин куоһааҕын устун көлөһүнэ таҥнары халыйан түспүт. Күннүк Уурастыырап

нүһэр

нүһэр (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Тү с - б а с м а й г ы л а а х , д ь оһуннаах, түспэ (киһини этэргэ). Солидный, важный (о человеке)
Бэрт нүһэр көрүҥнээх киһи аатын эрэ лопбааччытык биирдии тылынан ааҕан таһаарар. В. Яковлев
Бары нүһэр, боччумнаах дьон үлэ-хамнас, бэлиитикэ, аан дойду олоҕун туһунан түс-бас кэпсэтэ иһэллэр. Р. Кулаковскай
Жора, бэрт нүһэр көрүҥнээх киһи, аа-дьуо лэҥкэллэн туран, аатын эрэ лоп бааччытык биирдии тылынан ааҕан таһаарар. В. Яковлев
2. Боччумнаах; дьиппиэн, кытаанах (т ы л ы , санааны этэргэ). Серьёзный, убедительный, веский (напр., о б а р г ументе, доводе); резкий, жёсткий (напр., о с л о в е )
Мачча уолчаан эбээннии ырыаны муннунан киҥинэйэр уонна эдэркээн бэйэтэ, дириҥ нүһэр санаалары саныыр. И. Гоголев
Бу айымньыга ыар, нүһэр тылларынан этиллибит ийэ дой дуну көмүскүүр, аҕа көлүөнэ үгэһин сал гыыр бөҕө санаа, …… эрэл барыта бааллар. Н. Тобуруокап
3. кэпс. Сөҥ, улахан, чиҥ (саҥаны, куолаһы этэргэ). Громкий (о голосе), уверенный, убедительный, весомый (о тоне речи, манере говорить)
Эрэлбит эрэ кини этэ, — диэн нүһэр тыллар онтон-мантан иһиллибиттэрэ. А. Сыромятникова
Кини [Маратик] куолаһын Өрүүсэ хаһан да эн дэппэт. Бүтэй соҕус уонна нүһэр. А. Сыромятникова
Кини сүрдээх нүһэр куоластаах, ис-киирбэхтик киһини тардар гына ыллыыр киһи буолан биэрбитэ. И. Бочкарёв
4. Бүтэҥи ньиргиэрдээх, улахан (тыас туһунан). Гулкий, громкий, напоминающий отдалённые громовые раскаты (о звуке)
Нүһэр ыар этиҥн эр Нүҥсүй эн этэннэр… Уйгулаах самыыр курулуур. Күннүк Уурастыырап
Тиит охтор нүһэр тыаһа сири нүҥсүйэн ылар. М. Доҕордуурап
Сүллэр этиҥ сиргэ түһүтэлиирин курдук нүһэр тыас тиҥилэхтээмэхтээн ылар. НС ХСБС
5. көсп. Киэҥ-куоҥ, баараҕай. З н а ч ительный, большой, просторный
Нүһэр тайҕа им-дьим буолла. И. Гоголев
Өлүөнэ нүһэр кэрэ биэрэктэрин чаҕылыйа си риэдийбит, наскыйа налыйбыт …… чээл күөх хочолоро эбиитин киэргэтэллэр. И. Данилов
6. көсп. Ыарахан, ыар, эрэйдээх (олох, дьылҕа). Тяжёлый, обременённый чем-л., трудный (напр., о жизни, судьбе)
Сут-кураан таҥнары сатыылыыр Суос таах нүһэр сылларыгар, Өлбөт мэҥэни уймахтыыр Өрөгөй аргыстаах бухатыыр. С. Тарасов
[Эрилик Эристиин] Олох нүһэр дьылҕатын, О л о х ы а р м ү һ ү лгэнин… Эн манна тулуйбутуҥ. Л. П опов. Ол хоту дойду хаҕыс хонноҕор ааспыт сыллар Кирилл Марковичка олох умнуллубат нүһэр оскуолата буолбуттара. Н. Лугинов
ср. монг. нүсэр ‘тяжёлый, громоздкий, грузный; громоздкость, грузность, неуклюжесть’