Якутские буквы:

Русский → Якутский

могучий

прил
модун

могучий

прил. 1. модун, модун күүстээх; могучий лев модун күүстээх хахай; 2. (могущественный) модун; могучий владыка модун баһылык; 3. перен. (величественный) сүҥкэннээх.


Еще переводы:

байылыат

байылыат (Якутский → Русский)

могучий.

далан

далан (Якутский → Русский)

могучий.

модун

модун (Якутский → Русский)

сильный, мощный; модун тымныы сильный мороз; модун сүүрүк мощное течение; модун санаа могучий дух, могучая воля.

эргэнэх

эргэнэх (Якутский → Якутский)

эргэнэх күүстээх түөлбэ. — улахан күүстээх. Могучий, здоровый, сильный
Бу оҕо бэрт диэн эргэнэх күүстээх, уохтаах оҕо буола улаатан истэ. Эрилик Эристиин

лэгиэ

лэгиэ (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Олус улахан, кэтит, модьу. Чрезвычайно широкий, большой, могучий
Лэгиэ халлаан бэргэһэлээх, тэҥкэ тиит тайахтаах баар үһү (тааб.: тэллэй). Уон харалаабыт хотууру таҥнары туппут курдук түрбүү хара тыҥырахтанна, саар ыаҕас быһаҕаһын саҕа лэгиэ хара атахтанна. ПЭК ОНЛЯ II

буҕа

буҕа (Якутский → Якутский)

I
аат., эргэр. Оҕус, атыыр оҕус. Бык, бык-производитель.
тюрк. буҕа
II
даҕ., фольк. Улахан кыахтаах, кытаанах, бөҕө. Могучий, сильный, крепкий
Букатыннаах буҕа сор бу буулаата, Хааттарыылаах хатан ыйаах бу хаайда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Онон эн Буҕа буруйбун Бырастыы гын, Алдьархайдаах айыыбын Аччатан абыраа. А. Софронов

нанаҕар

нанаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Мэтэйбит, иннин диэки үтэн тахсыбыт, кэтит түөстээх, улахан истээх. С широкой, выдающейся вперёд, крепкой, сильной грудью и вы пирающим животом
На лыгы р сиэл лээх Намылхай кутуруктаах Нанаҕар түөстээх. Күннүк Уурастыырап
[Бухатыыр] халҕаннары тиэрэ аспыт курдук кэтит нанаҕар түөстээх. Суорун Омол лоон. Нууччалыы сирэйдээх нанаҕар ки һи туран уу сахалыы эттэ. Н. Габышев
ср. монг. данагар ‘уверенный, могучий, ядрёный’

ньылха

ньылха (Якутский → Якутский)

даҕ. Халыҥ эттээх; күүстээх көрүҥнээх. Плотного телосложения; сильный, могучий
[Ньургун Боотур] Үллэр өһөхтөөх, Тардар тымырдаах, Оонньуур хааннаах, Бараа быччыҥнаах, Баттах сарыннаах, Ньыгыл борбуйдаах, Ньылха куҥнаах, Оҕуруктаах куораан далай ытыстаах. Ньургун Боотур. Ньыгыл борбуйдаах, ньылха куҥнаах, оҕуруктаах куораан далаан ытыстаах, …… күүстээххэ көрүҥнээх, бухатыырга холобурдаах, быһыйга быһыылаах киһи буолла. Саха фольк.

уһуурхай

уһуурхай (Якутский → Якутский)

I
туохт. Киһиэхэ бэриммэт курдук буол, уйуһуй (аты этэргэ). Выходить из повиновения, становиться непослушным (о лошади)
Ураанньыктаах кугас ат, Уһуурхайа уйуһуйан, Күөнэ үөһэ күөрэйэ, Көтө-көтө түспүтэ. Күннүк Уурастыырап
II
даҕ. Модун күүстээх, дохсун. Мощный, могучий
Чэ, түксү, сөп буолла диэбиттии — Уһуурхай баалларгын хомуйан, Уорааннаах дириҥҥэр кистээтиҥ. «ХС»

оружие

оружие (Якутский → Русский)

оружие; бэчээт — биһиги партиябыт модун оружиета печать — могучее оружие нашей партии.