Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мончуор

аат. Элэктэриичэстибэҕэ, элэктэриичэстибэнэн үлэлиир тиэхиньи кэни үлэлэтэргэ идэтийбит киһи. Монтёр
Маска ыттар бары тээбириннэрин, кыаһаан курдук иилиммит мон чуор к эллэ. Эрилик Эристиин
Ма ҕаһыыҥҥа сигнализация үлэлээбэккэ мон чуору ыҥыран оҥорторуохтарыгар диэри бириэмэ ырааппыта. П. Аввакумов
[ С а ш а : ] Алдьа тан кэбиһээйэҕин өтүүгү. Оннугар уураар. [Маша:] Оо, алдьатыам суоҕа. Мин бэйэм мончуорбун. С. Ефремов


Еще переводы:

тиһии

тиһии (Якутский → Якутский)

тис I 1 диэнтэн хай
аата. Уон араас тиһиилээх, Уон араас тэриллээх, Буутунан ыарахан Мончуорун курунан …… Ыадаччы курданар. С. Данилов

баҕыырдаах

баҕыырдаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Дэгиэлээх, тордуохтаах. Крючковатый, загнутый, с загибом
Борохуот эрдиитин бытаардан, оргууй сапсыммахтаан тиийэн кэллэ, баҕыырдаах дьаакырын ыһыктан, халыр гыннарда. А. Сыромятникова
Мончуор, атаҕар баҕыырдаах тимирдэри иилинэн баран, аҕыс кырыылаах баҕанаҕа ыттан барда. Эрилик Эристиин
Тогойкин маһы сулбу тардан ыларын кытта, дьөлөҕөс аҥаар кырыытын баҕыырдаах тыҥырахтаах халыҥ ытыс охсон хабылыннарда. Амма Аччыгыйа

сунуур

сунуур (Якутский → Якутский)

аат.
1. Хатыы саптан өрүллүбүт синньигэс бөҕө быа. Шнур
Миэхэ, илим ситимэ оҥостуохпун, хоппуруон сунуурда көрөөр эрэ. В. Иванов
Халырдаабыт таас, тимир маллардаах, Хатыллыбыт сунуур быа тутуурдаах Убайым мончуор бэрдэ. «ХС»
2. Элэктэриичэстибэ боруобата. Электрический провод
Сунуур устун сүүрэн тиийэр Ол сиргэ электро. С. Данилов
Связист ытыалаһа сыа хаарга түстэ, Тиһик сунуурун тииһигэр ытыран. И. Чаҕылҕан
Лаампа эрэсиэккэҕэ изоляциялаах сунуурунан холбоһор. ИА КЛ
русск. шнур

олохтоох

олохтоох (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Бигэ, халбаҥнаабат, тулхадыйбат, түөрэккэйэ суох. Устойчивый, прочный (напр., об основании чего-л.). Таас олохтоох. Үчүгэй олохтоох тыы
  3. Ханна эрэ олохсуйан олорор (киһи), ханна эрэ баар, ол сир киэнэ буолар (туох эмэ). Местный
    Аһыылаах сүөһүбүтүн аһылык гынабыт, Олохтоох сүөһүбүтүн Улуу өрүскэ Ордугунан уостаатыбыт. Саха фольк. [Бадин:] Эн бу дойдуга олохтоох оҕонньор буоллаҕыҥ дии? С. Ефремов
    Олохтоох оскуола уонна нэһилиэк актыыптарын күүстэринэн «Куһаҕан тыын» диэн оонньууну көрдөрбүттэр. А. Бэрияк
  4. көсп. Дьоһуннаах, түс-бас. Основательный, дельный
    Онтон оонньуу, элэк умнуллан, Олохтоох кэпсэтиигэ киирдилэр. С. Данилов
    Саҥарара барыта олохтоох, эҕэлээх тыллаах. А. Фёдоров
    Төрүкү куһаҕан удьуордар, хаамаайы, олохтоох өйө-төйө суох. «ХС»
  5. аат суолт.
  6. Хайа эмэ сиргэ олорор киһи. Местный житель
    Хаҥас өттүбэр — суоппарбыт, уҥабар — аргыһым Николай Спиридонович, бу дойду олохтооҕо, оскуола үлэһитэ. Н. Заболоцкай
    [Өлөөнө:] Оттон ол тыа олохтоохторун хайдах сайыннараргын көрүөм ээ. С. Ефремов
    — Манна олохтооххун дуо? — диэн ыйыттым. — Даа, олохтоохпун. Миронов Николай Саввич диэн мончуорбун. М. Доҕордуурап
  7. Олоҕун илгэтэ хайдаҕа. Уровень жизни, степень благополучия
    Өлбөт өрөгөйдөөх Өлбөт-сүппэт төлкөлөөх, Көрдөөх, байылыат олохтоох Көҥүл норуот Биһиги буоллубут курдук! Нор. ырыаһ. [Чокуурап:] Төһө бэрт олохтоох холкуоскутуй? [Солко:] Билиҥҥитэ куһаҕана суох. С. Ефремов