Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мэлит

туохт.
1. Тугу эмэ суох оҥор, сүтэр. Уничтожать, терять что-л. Аспытын барытын мэлиттибит
 Бирикээсчиттээн сылдьаммын биэс тыһыынчаны мэлитэн үс сы л олорон турардаахпын. М. Доҕордуурап
Оҕон ньор суругу былдьаан ылыа, мэлитиэ. Н. Габышев
[Оҕонньор уолугар:] Ти һэх табаларбытын мэлиппиккин! Туох ааттаах эйигин уодьуганныа буолуой? «ХС»
2. Кими, тугу эмэ суох оҥор, өлөрөһөр. Уничтожать, убивать, губить, ли шать жизни кого-л.
Аҕабын күн сириттэн мэлиппит фашистарга абарабын. И. Федосеев
Кинини доҕотторун кытта бииргэ Киһи Уҥуохтаах тумулга мэлиттэхтэрэ диэн сүрэхтэрэ сэрэйдэ. А. Сыромятникова
3. көсп. Тугу эмэ иҥсэлээхтик сиэ, аһаа. Уничтожить, слопать, умять
Хабырыыс биир собону сиэн бүтэриэр диэри [Тыаһыт] уонча собону мэлиттэ. И. Гоголев
Мин өтөр буола-буола киниэхэ дьарҕааны кыыратабын, кини ону мэлитэн иһэр уонна арахсар аата суох. Н. Заболоцкай
Аҕалара толору иһиттээх-хомуостаах остуол уһугар олорон, икки кэтилиэти мэлиттэ. Н. Габышев

Якутский → Русский

мэлит=

побуд. от мэлий= II утрачивать, терять что-л., лишаться чего-л.; аспытын бары тын мэлиттибит мы потеряли все свой припасы.


Еще переводы:

мэлий=

мэлий= (Якутский → Английский)

v. to perish; мэлит= v. to make perish

куоскачаан

куоскачаан (Якутский → Якутский)

куоска диэнтэн аччат. Куоскачааннар иннилэригэр туох барыйбытын барытын өлбөөдүйбүт дьүһүннээх ийэлэрэ буолуохсут мэлитэн истэ. А. Чехов (тылб.)

мэлитилин

мэлитилин (Якутский → Якутский)

мэлит диэнтэн атын
туһ. Константинопольга сүүһүнэн сылларга ууруллан турбут художниктар уонна скульптордар улахан сыаналаах айымньылара мэлитиллибиттэрэ. АЕВ ОҮИ

буойуулаах

буойуулаах (Якутский → Якутский)

көр бобуулаах
Мин күндү булумньуларбын мэлитэн баран өйдөөтөхпүнэ, саһыл хороонун алдьатар буойуулаах этэ. Суорун Омоллоон
[Буойа:] Тыый, убаай, тайаҕы бултуур билигин буойуулаах ээ. Суорун Омоллоон

өкөчөҥнөс

өкөчөҥнөс (Якутский → Якутский)

I
өкөчөҥнөө диэнтэн холб. туһ. Аттар утуу-субуу өкөчөҥнөһөн кэллилэр
Сылгылара иччилэрин батыһан өкөчөҥнөстүлэр. «ХС»
II
даҕ. Халбаҥныыр, түһэ-тахса турар. Нестабильный, меняющийся
Олох өкөчөҥнөс сыаната, импилээссийэ эмээхсин эрэйдээх биэнсийэтин мэлитэн истэхтэрэ. И. Аргунов

баастаа

баастаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Ким эмэ этин-сиинин алдьат, дьиэгирт. Наносить рану кому-л.
Адьарай ааттааҕын [Ньургун Боотур] Сиикэй эт баастаата Аҥалдьыйа олорор Аһаҕас баастаата Ойбон үүтүн саҕа Оҥолдьуйа олорор баастаата. П. Ойуунускай
2. көсп., кэпс. Ыар санааҕа киллэр, эрэйдээ. Причинять переживания кому-л., подвергать кого-л. душевным мукам
Ханнаҕыный, ханна тиийдиҥ? Мин сүрэхпин Хара баастаан Харахпыттан мэлиппитиҥ Хас хаар-самыыр буолан ааста? И. Чаҕылҕан

малыт

малыт (Якутский → Якутский)

көр мэлит 1,
3
Былырыын сайын тахсан баҕадьылыыбын диэн, м у ҥхабын малытан киирбитим: иккитэ-үстэ төхтүрүйэн, анаан көрдөтө са таан баран булбатаҕым. Күннүк Уурас тыырап. Таҥалайын тыаһа таҥырҕаан, Куолайын тыаһа куллурҕаан …… Маа нылаах Бааска Малааһын астарын М а л ы т а н кэбиспит. В. Чиряев

матар

матар (Якутский → Якутский)

туохт. Кимиэхэ эмэ тугу эмэни биэримэ, өлүүлээмэ, туохтан эмэттэн мэлит (үксүгэр тиксиэхтээх, ы лыа хтаах суолуттан). Обделять кого-л. чем-л., лишать кого-л. чего-л. (напр., того, что положено)
Элбэх киһини исти пиэндьийэттэн матардылар. Амма Аччыгыйа
[Милитэриисэ:] Мородуну [киһи аата] матардахпытына бобуулаах балыгы бултаата диэн тыл-өс тарҕата сылдьаарай? И. Гоголев
Кыһын дьонуҥ ыытар кэһиилэриттэн матарбат буолаар. Г. Колесов

муй-хай

муй-хай (Якутский → Якутский)

муй-хай буол кэпс. — хаппырыыстаан, сиэрэ суохтук быһыылан; эгэлгэлэн. Капризничать, ломаться; изощряться в причудах
Аны онно, омук дьоно баалларына, муй-хай буола сылдьаайаҕын. А. Сыромятникова
Ол хамнас да диэн, төһөнү ааҕаллара биллибэт. Эрдэ ыйыталаһар сөп этэ. Эмиэ мэлитэн, муй-хай буолан туруохтара. «ХС»

сиэлиҥсэ

сиэлиҥсэ (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Туораах бурдугу кутан мэкиинэтин көтүтэр хоруудатыҥы нэлэгэр мас иһит. Сельница
— Оҥочо дуо ити, хампы сытыйбыт сиэлиҥсэ буолбатах дуо?! Амма Аччыгыйа
Кэлиитин иилиммит, Соҕоҕун кымньыыламмыт, …… Сиэлиҥсэтин сиэппит, Хоруудатын холбоммут. Күннүк Уурастыырап
Оччотооҕуга саха ыаллара нэчимиэн бурдугу …… сиэрпэнэн быһан, кэлиигэ сынньан, сиэлиҥсэҕэ көтүтэн ыраастыы, күн уотугар куурда, суорунаҕа мэлитэ охсон …… лэппиэскэлииллэр. «ХС»