Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мэнэгэй

аат., эргэр. Туохха эмэ ула хан иҥсэ-обот (үксүгэр аска). Прожорливость
Уон тарбахпар оботто уган кулу, биэс тарбахпар мэнэгэйдэ к э б иһэн кулу! ПЭК СЯЯ
Клава оҕолонор ыарыытын ыалдьар. Кинини бөрөлөр мэнэгэйдэригэр уган биэримээри Левчук болҕомтону барытын бэйэтигэр тардар. «Кыым»

иҥсэ-мэнэгэй

  1. аат. Туохха да туолбат имэҥнээх иҥсэ. Необыкновенная, невероятная прожорливость
    Аас-майах аргыстаах, Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх, Оп-соллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа …… Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Иҥсэ-мэнэгэй баар бу аан дойдуну алдьаппыт. А. Сыромятникова
  2. даҕ. суолт. Наһаа иҥсэлээх. Невероятно прожорливый
    Иҥсэ-мэнэгэй атыыһыттар ыла кэлэллэр, кинилэр бааллар хоту сири сиэччилэр! А. Сыромятникова
    Иҥсэ-мэнэгэй ньиэмэс фашистарын Иккистээн эргийэн кэлбэттик Ийэ сирим иэниттэн сиппийбитэ. С. Зверев

Еще переводы:

сатаарытын

сатаарытын (Якутский → Якутский)

сатаарый 2 диэн курдук. [Абааһы уола] Сэттэ былас уот мэнэгэй тылын Сиэрэ уотун курдук Сэлэпис гыннарда, Сарылыы былаастаан Саҥа саҥаран Сатаарытта турдаҕа… П. Ойуунускай

көтөт

көтөт (Якутский → Якутский)

аат. Бэдик, көкөт. Шалун, глупец, шалопай
Мааҕын били Баһырҕас көтөт орон анныгар киллэрэн тугу эрэ салбаан эрэрэ. Н. Заболоцкай
Миигин кэлэн сиэбэккэ, Мэнэгэйин мөлтөппөккө, Тоҕо тылын салана Токурулла сыттаҕай? Көтөтүм кэлэрэ буоллар, Көрдөөбүтүн ылыах этэ... И. Эртюков

кэбистэр

кэбистэр (Якутский → Якутский)

кэбис I диэнтэн дьаһ
туһ. Хаҥылларын атынан харчы кэбистэрбиттэр, дохсуннарын көмүрүөтүнэн мохсуо кэбистэрэ оймоппуттар. ПЭК ОНЛЯ I
Дьэ Дыгын ыҥырыылаах ыалдьыттарын, тэһиин туттаран, тэлгэх кэбистэрэн бэрт чиэстээхтик тутан, орон аайы эһэ, бөрө тириитэ олбох үрдүгэр олорпут. Эрилик Эристиин
Сэрэбиэйдьит… Кирилловна туһунан кимҥэ эмэ иһитиннэриэ, ол киһи эмиэ кэбистэрэ кэлиэ. Д. Таас
Иҥсэ-обот (иҥсэ-мэнэгэй) кэбистэрбит — иҥсэ кэбистэрбит диэн курдук (көр иҥсэ)
Туос иһиттээххэ топпот, Тугу даҕаны ордорбот Иҥсэ-обот кэбистэрбит Иэдээннээх моҕус эбит. П. Дмитриев
Икки атах иҥсэ-мэнэгэй кэбистэрбит урдустара тиийбэт-түгэммэт түбэлэрэ диэн суох буолла. А. Кривошапкин (тылб.)

аный

аный (Якутский → Якутский)

туохт. Тымныы салгынынан күүскэ үр, аргый. Сильно дуть, веять холодом
Ардахтаах хаарынан ыһыахтаан, Арҕааттан аныйбат да буолан! Айанныыр көтөрү намтатан, Астына ыттарбат да буолан! Күннүк Уурастыырап
Аллараа бөҕө Аҕыс уон аҕыс Ааһар албастара Аныйбыт эбит, Соҕуруу сорсуннаахтарын Соллоҥ илбис мэнэгэйдэрэ Сотуун өлүү курдук Салбанан түһэн Сатыылаабыт эбит. П. Ойуунускай
ср. кирг. аҥкы ‘исходить, распространяться’

имириир

имириир (Якутский → Якутский)

имириир тыыннаах (тыастаах) - тыынар тыыннаах. Живое существо
Кини атын, алдьархайдаах уоту билэр. Имириир тыыннааҕы имири эһэр, күөх сирэми көмөргө кубулутар, улуу куораттары урусхал оҥорор иҥсэ-мэнэгэй уоту. Софр. Данилов
Тордох иһигэр атын имириир тыастаах суох. Болот Боотур. Түрмэ иһигэр имириир тыыннаах суоҕун курдук чуҥкунуур чуумпу бүрүүкүүр. А. Федоров

оп-соллоҥ

оп-соллоҥ (Якутский → Якутский)

аат., миф. Иҥсэобот, туохха да туолбат, ааспат иҥсэ (былыргы саха итэҕэлигэр Оһол уолун дьиҥнээх аата). Алчность, ненасытность (в якутской мифологии имя собственное духа брани и увечий)
Оһол уола Оп-соллоҥ, Обот мэнэгэй, Уот Солуонньай, обургу, Уйусхах былыты олбохтонон …… Уһуутаан уйуһуйан эрэр эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй

чоҥкуначчы

чоҥкуначчы (Якутский → Якутский)

сыһ. Чоҥкунаан иһиллэр курдук, чоҥкунуур тыастаахтык. Звонко, с металлическим звоном
[Оҕус] Торҕо унаар түптэтигэр Чоҥкуначчы айаатыы-айаатыы, Чоҥкучахтаан кэлэн, Тоноҕостой доҕорун Тула көппүтүнэн барда. Өксөкүүлээх Өлөксөй. Обот тыаһа чоҥкуначчы улуйара, Мэнэгэй тыаһа Мэнэрийэ энэлийэрэ, Оһолтөрүөт иччитэ Болоһо буурҕа буолан Орто дойду ньуурунан Тоҕо холоруктуура. С. Зверев

хандалыы

хандалыы (Якутский → Якутский)

  1. аат., эргэр. Улахан туос тыы. Большая берестяная ветка.
  2. даҕ. суолт., фольк. Улахан кээмэйдээх. Значительный по размерам, большой
    Хандалыы биһик. ПЭК СЯЯ
    Тимир хандалыы бэргэһэ. ПЭК СЯЯ
    Хандалыы тыы — хандалыы диэн курдук
    Хандалыы тыы саҕа көҕүстэриттэн үрүҥ күүгэн өрө оргуйбут. Ньургун Боотур
    Хандалыы тыы саҕа Үс сиринэн бүгүйэх систээх, Уот мэнэгэй балык түҥнэри булкуллан үөскээбит Уот тумара муора Оргуйа олороругар аҕалла да — Ыһыктан кэбистэ. Д. Говоров
оһол

оһол (Якутский → Якутский)

аат. Алҕаска, дэҥҥэ эчэйии, өлүү. Несчастный случай; увечье, травма (при несчастном случае)
Чугастан оһолго тиийэ чугаһы чуҥнуу сатыыбын. Өксөкүлээх Өлөксөй
Киһиэхэ күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол сыстар. А. Софронов
Үөһээ дойдуттан Үргүөр үргүйбэтин, Аллараа дойдуттан Аргыар аргыйбатын, Орто дойдуттан Оһол таарыйбатын. П. Ойуунускай
Оһол быатыгар — туох эмэ куһаҕан (хол., эчэйии) буоларыгар төрүөт буолуу. К несчастью (напр., травма). Оһол быатыгар тартаран бардаҕа. Оһолго түбэспит — саахалламмыт, дэҥнэммит. Попал в аварию (автомобильную), получил травму
Хайдах күн тура-тура оһолго түбэһэн иһэбин. «ХС». Оһол уола миф. — саха былыргы итэҕэлинэн, өс-саас, кыргыс, өлөрсүү таҥарата. По древним якутским поверьям, божество брани, раздора, битв
Оһол уола уруйдаата, Илбис кыыһа иэхэйдээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оһол уола Оп-соллоҥ, Обот мэнэгэй, Уот Солуонньай обургу, Уйусхах былытын олбохтонон Уһуутаан уйуһуйан эрэр эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оһол уола убайыҥ Оройгор-ойоҕоскор Онолуйа туойдун! П. Ойуунускай
ср. тюрк. усал, осол ‘небрежный, нерадивый; скверный, дурной’, монг. осол ‘небрежность, неосторожность; несчастный случай’

соллоҥноох

соллоҥноох (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Иҥсэтиттэн, баһылыыр-көһүлүүр санаатыттан өлөрөрүн-өһөрөрүн да кэрэйбэт, сиэмэх. Алчный, как жаждущий крови хищный зверь
    Баай Баһыккалаах соллоҥноох мэнэгэйдэрэ Өлөксөөнү оннук ыйыстыбыта. Бэйэтин курдук хас да дьадаҥы дьоннору кытта ойуурга таһааран дьууктаан баран, барыларын биир ииҥҥэ көмпүттэрэ. Н. Кондаков
    Харабыллар — саамай соллоҥноох бандьыыттар. Н. Габышев
    Соллоҥноох өстөөх соллоҥ буулдьатыгар табыллан, Сорохпут олоҕо сулустуу суулбута ол онно. Л. Габышев
  2. аат. суолт., эргэр., фольк. Абааһы. Абаасы (общее название злых духов)
    Соҕотох харахтаах соҕуруу уолун соллоҥнооҕун соруйан таһаараннар Орто дойду дьолун тохтордулар. Ньургун Боотур
    Дьэ, соҕуруу бөҕө соллоҥнооҕо, илиэһэй иҥсэлээҕэ! Эн тускар алдьархай атахтаныам, илдьиркэй илиилэниэм. ПЭК ОНЛЯ II
    Саха олоҥхолоро …… Аллараа дойду суостаах соллоҥноохторун кытта дойду айыы бухатыырдара охсуһууларын көрдөрөргө ананаллар. М. Тимофеев-Терёшкин