n. minute [<Russ. минута ]
Якутский → Английский
мүнүүтэ
Якутский → Якутский
мүнүүтэ
аат.
1. Алта уон сөкүүндэ усталаах бириэмэ кээмэйэ. ☉ Мину та
Истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы тын көөртө уон буолара баара-суоҕа биэс мүнүүтэ хаалбыт этэ. Суорун Омоллоон
Сөкүүндэттэн мүнүүтэ, М ү н ү үтэттэн чаас туолар, Чаастан хонук бүтүүтэ Ыйдар, онтон сыл буолар. П. Тобуруокап
Аҕыс чаас буолуо аҕыйах мүнүүтэ хаалбытын кэннэ уончата уһугуннаттаран Миша айалаан-дьо йолоон түөһүллэн турар. Н. Лугинов
2. кэпс. Кэм кылгас түгэнэ. ☉ Короткий отрезок времени, момент, миг
Бу мүччүргэннээх мүнүүтэҕэ саамай наадалаах суол умнуллан эрэрин өйдөөбүт киһи курдук, Александр Попов соһуччу ньиргийэ түспүтэ. Амма Аччыгыйа
Туйааран куйаас да күн этэ: Халлааҥҥа ку раан күөх былыта… Бу бүгүн ол күндү мүнүүтэ Тыыннаах ахтыыта ыллаата. С. Данилов
Бу мүнүүтэлэр Өлөк сөйгө ордук кэрэ, олус долгутуулаах буоллулар. В. Протодьяконов
Еще переводы: