I
аат. Өһүөмньү санаа, өһү ситиһэр санаа, өстөөхтүү сыһыан, өстүйүү. ☉ Злоба, вражда, ненависть, мысли о мести
Кини бэйэтин Ийэ дойдутун өстөөҕөр, сидьиҥ фашистка, өһүөнү хайдах ситиһэрин толкуйдуу испитэ. Суорун Омоллоон
Константин Неустроев этигэр-хааныгар, өйүгэр-сүрэҕэр ыраахтааҕы тутулугар өһүөнэ күүһүрдэр күүһүрэн испитэ. П. Филиппов
♦ Өһүөн үтэһэтин ыйыһын — өһүөннүүр, өстүйэр санаалан. ☉ Затаить злобу, питать вражду, вынашивать мысль о мести
[Оҕонньор] Өһүөн үтэһэтин ыйыстан Өһөҕүрэн барда. С. Васильев
II
көр өксүөн
Былырыыҥҥы хомолтолоох түгэни быйылгы өһүөн ардах хайыы-үйэҕэ санатта. «Кыым»