Якутские буквы:

Русский → Якутский

несогласие

с. 1. (разногласие) хайдыһыы, санаа хайдыһыыта; 2. (разлад) атааннаһыы, иирсээн; 3. (отказ) сөбүлэнимии, аккаастаныы, сөбүлэспэт буолуу.


Еще переводы:

охсурҕалан=

охсурҕалан= (Якутский → Русский)

делать резкие, порывистые движения (выражая своё недовольство, несогласие с кем-чем-л.).

эс

эс (Якутский → Русский)

межд. выражает несогласие, отрицание нет; эс , барбаппын нет, не пойду; эс , оннук буолбатах нет, это не так.

рознь

рознь (Русский → Якутский)

ж. 1. (несогласие, вражда) атаан, өстөһүү; сеять рознь өстөһүүнү ыыт; 2. в знач. сказ, атын; человек человеку рознь разг. киһи киһиттэн атын.

хааркайдаа=

хааркайдаа= (Якутский → Русский)

разг. мешать, препятствовать кому-л. (осуществить что-л. своим несогласием).

бэйи

бэйи (Якутский → Русский)

модальное сл. выражает 1) несогласие, возражение, требование, предупреждение, намерение, желание и т. п.: бэйи, саатар ситэ аһатыҥ постойте, дайте хоть доесть; бэйи, үлүһүйэн барымаҥ смотрите, особенно не увлекайтесь; бэйи, кэлбитэ буолаарай постой, может он приехал; бэйи, сарсын барыллыа ну, завтра поеду; 2) угрозу погоди; смотри; бэйи, кэһэтиэм ! погоди уж, я тебе дам!; оттон бэйи! погоди же!; дьэ бэйи, сөпкүн көрүллүө ! ну погоди же, мы тебя проучим!

разойтись

разойтись (Русский → Якутский)

сов. 1. (уйти) тарҕас; разойтись по домам дьиэҕитигэр тарҕаһыҥ; 2. (рассеяться) тарҕан; тучи разошлись былыт тарҕанна; 3. (не встретиться в пути) хардарсан хаал, ааһыс; 4. (дать пройти, не задев друг друга) ааһыс; 5. (прекратить связь, развестись) арах, араҕыс; он разошёлся с женой ойоҕуттан арахсыбыт; 6. (проявить несогласие) хайдыс; разойтись во взглядах санааҕа хайдыс; 7. (разделиться) араҕыс, хайдыс; дорога разошлась на две суол икки аҥы араҕыста; 8. (отойти друг от друга) арахсан хаал, ат; половицы разошлись муоста аппыт; 9. (быть распроданным; быть истраченным) бүт; деньги разошлись харчы бүттэ; 10. (о слухах и т. п.) тарҕан; 11. (при- обрести большую скорость) наһаа түргэтээн бар, уйуһуй; лошадь разошлась ат уйуһуйда; 12. (усилиться) наһаа күүһүр; дождь разошёлся ардах наһаа күүһүрдэ; 13. перен. наһаа бар, харыскыттан таҕыс.

туох

туох (Якутский → Русский)

мест. 1) вопр. что (по отношению к человеку не употр.); итинэн тугу этээри гынаҕын ? что ты этим хочешь сказать? тугу аҕаллыҥ ? что ты принёс?; тугу баҕарар что угодно; тугу гыныамый ? а) что мне делать?, чем мне заняться?; б) что поделаешь, делать нечего; тугу гыныахха ? что делать?; тугу да эт что ни говори; тугу диэм баарай ! что и говорить!; что я могу сказать; тугуҥ ыалдьар ? что у тебя болит?; туохха тэһэ астараммын? и чего это я вдруг?, и зачем это я вдруг? (говорят, осуждая свой опрометчивый поступок); туохха тэһэ астараммын онно ыстаммытым буолуой ? и чего это я вдруг туда сунулся?; туох ааттааҕын өр буоллуҥ ? что ты так долго? (говорит тот, кто ждёт): туох баарынан всё, что есть; туох баарынан киниэхэ көмөлөһөр он помогает ему, чем может; туох күүһэ баарынан сүүрдэ он побежал изо всех сил; туохтан үөрэҕин ? чего ты радуешься?; до радости ли тут?; туох-туох диигин ?! что же это ты говоришь?!; как ты можешь так говорить!; туох туһугар ? ради чего?; туох харсай терять нечего; была не была; туоххунан истэҕин ? неодобр, чем ты слушаешь?; туох эрэлэй чего доброго; 2) неопр., употр. в сочет. с частицами эмэ , эрэ , да, даҕаны , ханнык : туох эрэ что-то; кини тугу эрэ кэпсиир он что-то рассказывает; ыраах туох эрэ хараарар вдали что-то чернеет; туох да (даҕаны ) ничего; ничто; кинини туох да тохтотуо суоҕа его ничто не остановит; туох да буолбатаҕын курдук как будто ничего и не случилось; как ни в чём не бывало; туох да буолтун иһин что бы ни случилось; туохха да уурбат он ни во что не ставит кого-что-л.; туохха да туһата суох ни к чему не годный; абсолютно бесполезный; мин тугум да ыалдьыбат у меня ничего не болит; туохтааҕар да күндү дороже всего, что есть (на свете); тугу да диэбит иһин что ни говори; туох эмэ что-нибудь; туохта эмэтэ аҕалыҥ дайте что-нибудь; туох ханнык а) ничего; туга ханныга биллибэт ничего определённого; б) что за...; туох ханнык дьоннорун билиэххэ надо узнать, что за люди; тугун баҕайытай неодобр, что же это такое; тугун баҕайытай , аныаха диэри утуйа сытарыҥ ! что же это такое, до сих пор спишь!; туох аатай что это, что это такое; туох аатай , тоҕо биһиги кинилэр оннуларыгар үлэлиибитий ? что это, почему мы за них работаем?; туох ааттаах что за; туох ааттаах үчүгэй уолай ! что за красивый парень!; туох баҕайытын выражает неодобрение, недоумение говорящего по поводу надоевшего явления; туох баҕайытын дьааһыйан хааллым ! и что за зевота на меня напала!; туох билиэй кто его знает, кто знает; туох билиэй , буолуо даҕаны кто его знает, может быть; туох буолуой ничего; туох буолуой , кини да бардын ээ ! ничего, пусть и он идёт!; туох үлүгэрэй выражает несогласие, возмущение говорящего: туох үлүгэрэй , биир киһиэхэ итиччэ үлэни сүктэрэллэр ! что это такое, как можно навалить на одного человека такую работу!; туох ханнык иннинэ прежде всего; кини , туох ханнык иннинэ , гөрөппүттэригэр сылдьыбыта он прежде всего навестил родных.