оживлённый, шумный; ньиргиэрдээх мунньах шумное собрание # ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор лингв, звонкие и глухие согласные.
Якутский → Русский
ньиргиэрдээх
Якутский → Якутский
ньиргиэрдээх
даҕ. Ис-иһиттэн улаатан, ньириһийэн иһиллэр. ☉ Громкий, гулкий, раскатистый
Сир дьигиһийиэр диэри ньиргиэрдээх хаһыынан бар дьон хоруйдаабыта. Амма Аччыгыйа
Тойоно ньиргиэрдээх суон куолаһынан доргуйда. Эрилик Эристиин
Бүгүн Лоҥкуудаҕа бүтэҥи, ол гынан баран, ис-иһиттэн ньиргиэрдээх тыас тиһигин быспакка лиҥкиниир. М. Доҕордуурап
◊ Ньиргиэрдээх <бүтэй> дорҕоон тыл үөр. — куолас уонна тыас көмөтүнэн үөскүүр, куолаһа тыаһын баһыйар бүтэй дорҕоон. ☉ Звонкий согласный
Ч уонна дь саха тылыгар иккиэн кэлин олоҕурбут киирии дорҕооннор буолан, ньиргиэре суох уонна ньиргиэр дээх дорҕооннор булгуччулаах солбуһууларыгар хабыллыбакка хаалбыттар. ДНД СБТФ. Ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕоон тыл үөр. — аҥаардас тыаһынан үөскүүр, куолас кыттыбат дорҕооно. ☉ Глухой согласный
Ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор бары хоһулаһаллар. ПНЕ СТ
Еще переводы: