белотал.
Якутский → Русский
ньирээйи
Якутский → Якутский
ньирээйи
- даҕ.
- Улаата илик синньигэс, иинэҕэс (хол., мас). ☉ Молодой, тонкий, упругий (напр., о дереве)
Сып-сырдык чээлэй күөх мутукча сандаҕыра наҕарбыт, ньирээйи сирэм тырымнаабыт, сэбирдэх илибирээбит. П. Ойуунускай
Ньирээйи хахыйах бөлкөйө мэһэйдээн, бочугурас эрэйдээх миигин өйдөөн көрбөтөх быһыылаах. Болот Боотур
Тэбис тэҥҥэ ойуур иһиттэн часкыйар саҥа аймана түһэр да, ньирээйи ойууру тоҕо силэйэн, тыһы эһэ ойон тахсар. М. Чооруоһап - кэпс. Ырыган, дьүдьэх, көтөх (хол., сүөһү). ☉ Худой, ослабленный, худосочный (о скотине). Кыһыны арыычча туораабыт ньирээйи торбостору сайыҥҥы мэччирэҥҥэ ыыталаатылар
□ Ыстаадабыт табатын үксэ сайыҥҥы ыйдарга өлө сыһан баран өрүттүбүт бодоҥнор, ньирээйилэр. А. Кривошапкин (тылб.) - аат суолт. Саҥа быган эрэр үүнээйи (хол., от-мас). ☉ Росток, поросль (о растительности)
Онтон аллара …… хойуу тэтиҥнээх чараҥнар силигилииллэр, ол салгыытыгар сэндэҥэ ньирээйини кырыйа маардар субуллар сирдэригэр дьороҕор сотолоох тайахтар кыһалҕата суох хаамсаллар. А. Кривошапкин (тылб.). Тэҥн. ньыраайы
Еще переводы: