даҕ. Ньолбоҕор соҕус. ☉ Имеющий слегка продолговатый вид
Куччугуй тыымпы диэн, дьиҥэр, олус куччугуйа суох …… уһун ньолбоҕордуҥу алаас. «ХС»
Маринуйдуурга кыра соҕус, ордук ньолбоҕордуҥу быһыылаах, сливатыҥы помидордары талаллар. ФВН ЭХК. Тэҥн. ньолбуһахтыҥы
Якутский → Якутский
ньолбоҕордуҥу
ньолбоҕор
даҕ. Сымыыт курдук ньолбуһах быһыылаах. ☉ Овальный, имеющий форму яйца
Хатыҥыр уол киирэн кэллэ. Илиитигэр ньолбоҕор тууйастаах. Амма Аччыгыйа
Онно тиийбитим, тэлиэгэ үрдүгэр кырааска ойуулаах, хас да сиринэн тимир ылтаһын уобуруччулаах уһун ньолбоҕор сундуук …… сытар. Н. Заболоцкай
Түптэ буруолаах сөрүүн киэһэ, улахыын-улахан ньолбоҕор ый, тыа быыһынааҕы кыракый көлүйэ. Н. Лугинов
△ Бэйэтигэр сөбө суохтук уһаан көстөр (киһи сирэйин туһунан). ☉ Удлинённо-продолговатый (о лице человека)
[Соххор Туруйа] кэлэн атах орон баҕанатыгар өйөнөн олорон, уһун ньолбоҕор сирэйин иҥнэҥнэтэн, эргэлээх бөлтөҕөр хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии …… хаҥас диэки одуулаһар. Амма Аччыгыйа
Куурусса сымыытын курдук ньолбоҕор сирэйдээх, …… хойуу хара хаастардаах, кыһыл төгүрүк уостаах, толору эттээх-сииннээх эдэр дьахтар. Күндэ. Тэҥн. ньолбуһах
ср. бур. жомбогор ‘овальный’
уһун-ньолбоҕор
даҕ. Уһун гынан баран, ньолбуһах, сымыыттыҥы быһыылаах. ☉ Длинный, продолговатый, овальной формы
Сотору уһун ньолбоҕор сирэйдээх, кытаран көстөр бытыктаах, маҥхайан эрэ баттахтаах оҕонньор киһи эрдинэн кылбаарытан кэлэр. Н. Якутскай
Дьиэҕэ Чуохаан бэйэтэ эрэ, уһун ньолбуһах остуолугар суот тарда олорор. И. Гоголев
Сүүнэ улахан уһун ньолбуһах алааһы арҕаа кэриитинэн хара ыты батыһыннарбыт уолчаан тиэтэйэ-саарайа сүүрэн лэппэрийдэ. В. Титов
Якутский → Русский
ньолбоҕор
продолговатый, овальный; ньолбоҕор тэриэлкэ овальная тарелка.
Еще переводы: