даҕ.
1. Чараас бытархай хаарынан бүрүллүбүт. ☉ Припорошенный, присыпанный снегом
Кырымахтаах харыйалар кыбыллан, манна тураллар. И. Федосеев
2. Онон-манан сэдэх кылааннаах маҥан түүлээх. ☉ Темный с проседью, серебристый (обычно о пушнине)
Макаарый быйыл кыһын туттарбыт саһыллара кырымахтаах кылааннара долгуннаах уһуннар, хойуулар. А. Федоров. Сирэйин тириитэ киэргэллээх, тииҥ истээх, кырымахтаах хара саһыл бэргэһэлээҕэ. БИГ ӨҮөС
3. көсп. Онон-манан маҥаннардаах (баттах туһунан). ☉ Поседевший местами, с проседью (о волосах человека)
Кини, анньылла сылдьар кырыбыайкатын ылан, онон-манан үрүҥ кырымахтардаах баттаҕын ньылҕаарыччы тараанна. Софр. Данилов
◊ Кырымахтаах хара саһыл — ононманан маҥан түүлэрдээх күндү түүлээх хара саһыл. ☉ Чернобурая лиса в белую крапинку
Манна кырымахтаах хара саһылы иитэр племенной пиэрмэ баара. «Чолбон»
Түөһүгэр күннээх, кырымахтаах хара саһыл барахсан түүтүн кылаана эргичиҥнэттэҕин аайы, соруйан ымсыырдыбыт курдук күн уотугар араастаан толбоннуран көһүннэ. «ХС»