сыһ. Киһи кэлэйиэх курдук, куһаҕаннык. ☉ Скверно, дурно, гадко. Саһыл хайдах курдук нэгэйдик ки нини албыннаабытын хотой дьэ өйдүүр. Эвен фольк.
Якутский → Якутский
нэгэйдик
нэгэй
- даҕ. Киһи кэлэйиэн, сиргэниэн курдук куһаҕан. ☉ Низкий, дурной, отвратительный (о ком-л.)
[Женя] көрдөххө бэрт киһи буолан баран, иһэ хайдах бачча быдьар, нэгэй баҕайыный? В. Яковлев. Билигин кэлэн, киһи өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр, …… уопсай интэриэскэ үлэлии сылдьан иирсэртэн ордук нэгэй быһыы суох эбээт. М. Д оҕордуурап - аат суолт. Туох да сиэрэ суох, ку һаҕан майгылаах киһи. ☉ Дурной, низкий, отвратительный человек
Ымсыы, көҥөс дьон былыр да, быйыл да баар буоллахтара дии. Дьон нэгэйдэрэ. И. Семёнов
Махтаныы — күүстээхтэр сэмэй быһыылара, махтаммат буолуу — нэгэйдэр бэрдимсийиилэрэ. ПБН КСКТ
Кыһыыта, абалааҕа баар, маннык нэгэйдэр туох да буойуута-хаайыыта суох көҥүл күөннээн-күөнэхтээн сылдьаллара. «Чолбон»
ср. русск. негодяй ‘негодный, скверный, плохой человек’
Якутский → Русский
нэгэй
негодный, дурной, скверный; нэгэй киһи негодный человек.
Еще переводы: