даҕ.
1. Эҥин араас, арааһынай, эҥин-эҥин. ☉ Разный, разнообразный, различный
Эдэр ыччат эриэккэстээх билиилээҕин, Эгэлгэлээх талааннааҕын, Эйэ дэмнээҕин, Уус-уран тарбахтааҕын Саманна көрөн биллим. С. Зверев
Эгэлгэлээх хоһооммун Истэ сэҥээриҥ эрэ. Нор. ырыаһ. Эдэр ыччат күлсүүтэ, Эгэлгэлээх кэпсээнэ, Ырыатойук, үҥкүү-битии — Чуумпу кумах уһуктар. А. Бэрияк
2. Олус уустук, бириинчик, ииспэрэй. ☉ Сложный, осложнённый, многосоставный
Мин этэбин: «Хоһоону да Айар син эгэлгэлээх». И. Гоголев
Хас сырыы аайы ол айан ахса суох элбэх эҥин эгэлгэлээх. Н. Заболоцкай
Табаарыс Сибиряков көтөҕөр боппуруоһа мин эргитэ санаан көрдөхпүнэ, ити курдук бэрт үгүс эгэлгэлээх. «Кыым»
3. Хаппырыыс, талымас, бириинчик (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар). ☉ Капризный, прихотливый, причудливый
Дьэ, бэйэлэрэ эмиэ эгэлгэлээх ыччаттар. Кыыс да кыыс, күтүөт да күтүөт. Үлэспиккэ дылы, нөҥүө-маҥаа дьон түбэсиһэн, бурайсан эрдэхтэрэ. Н. Лугинов
Онно арыт мөҕүллэрим. Уонна эмиэ сээн дэтэрим: Эгэлгэтэ суох мичээргиттэн Иккистээн тиллэн кэлэрим. М. Тимофеев
Таба — эгэлгэтэ суох кыыл, төгүрүк сылы быһа туундараҕа мэччийэн аһыыр. МЛФ АҮө
Король утуйара эмиэ оннук эгэлгэлээх буолара. АЕВ ОҮИ