Якутские буквы:

Якутский → Русский

эгэлгэлээх

I) разнообразный; араас эгэлгэлээх таҥас самая разнообразная одежда; 2) капризный, прихотливый; с причудами.

Якутский → Якутский

эгэлгэлээх

даҕ.
1. Эҥин араас, арааһынай, эҥин-эҥин. Разный, разнообразный, различный
Эдэр ыччат эриэккэстээх билиилээҕин, Эгэлгэлээх талааннааҕын, Эйэ дэмнээҕин, Уус-уран тарбахтааҕын Саманна көрөн биллим. С. Зверев
Эгэлгэлээх хоһооммун Истэ сэҥээриҥ эрэ. Нор. ырыаһ. Эдэр ыччат күлсүүтэ, Эгэлгэлээх кэпсээнэ, Ырыатойук, үҥкүү-битии — Чуумпу кумах уһуктар. А. Бэрияк
2. Олус уустук, бириинчик, ииспэрэй. Сложный, осложнённый, многосоставный
Мин этэбин: «Хоһоону да Айар син эгэлгэлээх». И. Гоголев
Хас сырыы аайы ол айан ахса суох элбэх эҥин эгэлгэлээх. Н. Заболоцкай
Табаарыс Сибиряков көтөҕөр боппуруоһа мин эргитэ санаан көрдөхпүнэ, ити курдук бэрт үгүс эгэлгэлээх. «Кыым»
3. Хаппырыыс, талымас, бириинчик (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар). Капризный, прихотливый, причудливый
Дьэ, бэйэлэрэ эмиэ эгэлгэлээх ыччаттар. Кыыс да кыыс, күтүөт да күтүөт. Үлэспиккэ дылы, нөҥүө-маҥаа дьон түбэсиһэн, бурайсан эрдэхтэрэ. Н. Лугинов
Онно арыт мөҕүллэрим. Уонна эмиэ сээн дэтэрим: Эгэлгэтэ суох мичээргиттэн Иккистээн тиллэн кэлэрим. М. Тимофеев
Таба — эгэлгэтэ суох кыыл, төгүрүк сылы быһа туундараҕа мэччийэн аһыыр. МЛФ АҮө
Король утуйара эмиэ оннук эгэлгэлээх буолара. АЕВ ОҮИ


Еще переводы:

вычурный

вычурный (Русский → Якутский)

прил. олус эгэлгэлээх, дэгэттээх.

причудливый

причудливый (Русский → Якутский)

прил. 1. (затейливый) эгэлгэлээх, ииспэрэй; 2. разг. (капризный) эгэлгэлээх, дьиибэлээх.

разнообразный

разнообразный (Русский → Якутский)

прил. эгэлгэлээх, араас дьүһүннээх, элбэх араастаах.

прихотливый

прихотливый (Русский → Якутский)

прил. 1. (капризный) талымас, эгэлгэлээх; прихотливое растение талымас үүнээйи; 2. (затейливый) эгэлгэлээх, ииспэрэй; прихотливый узор эгэлгэлээх оһуор.

претенциозный

претенциозный (Русский → Якутский)

прил. 1. (манерный) наһаа эгэлгэлээх, наһаа киэргэтиилээх; 2. (претендующий на значительность) претензиялаах, улахан санаалаах.

вычурность

вычурность (Русский → Якутский)

ж. олус эгэлгэлээҕэ, дэгэттээҕэ; вычурность стиля стиль олус эгэлгэлээҕэ.

цветистый

цветистый (Русский → Якутский)

прил. 1. (покрытый цветами) хойуу сибэккилээх; 2. (пёстрый) дьэрэкээн өҥнөөх; 3. перен. (о слоге и т. п.) наһаа киэргэтиилээх, олус эгэлгэлээх.

ханалҕа

ханалҕа (Якутский → Якутский)

аат. Талымастанар, эгэлгэлэнэр, дьээбэлэнэр санаа, быһыымайгы. Капризное желание, прихоть, причуда
Ханалҕалаах киһи. ПЭК СЯЯ
Эрийэ үктүүр эгэлгэлээх, хатыйа үктүүр ханалҕалаах (өс хоһ.). Сырдыкчаана, иһит эрэ, сырыы-айан күнэ кэллэ! Ордуос тойон ханалҕатын, Олуйара моһуоктааҕын. У. Нуолур
Кини ханалҕата элбэх. ЯРС

дьириһий

дьириһий (Якутский → Якутский)

туохт. Тохтоло суох биир кэм хатан, дьигиһийэр курдук тыаһы таһаар. Издавать громкий звонкий переливающийся дрожащий звук
Ол дьикти ырыа, Уостан сүтэ-сүтэ, Улаатан дьириһийэн, Илин эҥэр диэки Эҥсэн түһэ турбута. Күннүк Уурастыырап
[Хомуһум] Куппун-сүрбүн иҥэрбит, Кустуктана доҕорбор, Эйээрбэхтиир тойугуҥ, Эгэлгэлээх тылынан, Эйэҕэсчэй сүрэҕин, Эймэнитэ дьириһийэн, Кистэлэҥнээх санаабын Кэпсээхтээн биэрээхтээ! С. Васильев

эйэҕэстэй

эйэҕэстэй (Якутский → Якутский)

даҕ., поэз. Үөрүүнү үксэтэр, үтүөнү-кэрэни эрэ санатар. Приносящий радость, удовольствие, наслаждение
Илигирии сиэттиһэн, Ил салгын иэнигийэн Ийэ сири сылыппытыгар, Эйэҕэстэй алааспар, Эйээриэҕиҥ, эдэрдэр! Саха нар. ыр. III
Арыы хахыйах курдук, Араллааннаан олороҥҥут — Этигэн илбис тыллаах Эйэҕэстэй идэбин, …… Эгэлгэлээх хоһооммун Истэ сэҥээриҥ эрэ. Нор. ырыаһ. Эдэр чэбдик сааһым Эйэҕэстэй доҕоро, Ахтылҕаннаах оҕо сааһым Аламаҕай атаһа Аатырбыт ырыаһыт Ньимкалаан оҕонньор барахсан. Доҕордоһуу т.