даҕ., кэпс. Кыра аһылыкка сөп буолбат, элбэҕи сиир-аһыыр. ☉ Ненасытный, прорва, обжора
Туох кистэлэй, холобура, бөдөҥ-садаҥ буоламмын дуу, аска кэҥсэ этим. Болот Боотур
[В.Л. Серошевскай] сахалар күөх сүрэхтэр, кэҥсэлэр, солуута суохтар диэн сорохтор этэллэриттэн киһи күлүөн эрэ сөп диэн түмүктээбитэ. И. Аргунов
Оттон эһиги туохтан өрө чобуорхайаҕытый? Туохтан? Эһиги кэҥсэлэргит, айах адаҕалараҕыт, онон бүтэр. И. Тургенев (тылб.)
ср. кирг. көксө ‘желать, сильно желать, стремиться’