Якутские буквы:

Якутский → Русский

олорбохтоо=

ускор. от олор =; олорбохтоон баран бардылар они немного посидели и ушли; олоҕу олорбохтоотум да манныгы көрө иликпин сколько живу на свете, но такого не видел.

Якутский → Якутский

олорбохтоо

туохт. Балай эмэ уһуннук олор. ☉ Сидеть довольно долго, продолжительное время
Киһитэ, сибилигин быһаара охсуох киһилии, сулбу тардан ылан, одуулаан олорбохтоото. А. Софронов
Оҕонньор …… уҥмут-таалбыт курдук Уолуйан олорбохтоот, Көхсүн этитэн баран, Көбдьүөрэн барбыта үһү. П. Ойуунускай
Дьахтар саҥата суох сөҥөн олорбохтоото. Н. Заболоцкай


Еще переводы:

мунаарыс

мунаарыс (Якутский → Якутский)

мунаар диэнтэн холб. туһ. Хаартыһыттар балай эмэ өр саҥата-иҥэтэ суох, мунаарыспыкка дылы буолан олорбохтоотулар. Күндэ

мэппэрдээ

мэппэрдээ (Якутский → Якутский)

мэппэй диэнтэн арыт
көстүү. Мойбор тиэргэн ортотугар олорбохтоото уонна санньыардык умса туттан, халдьаайы диэки мэппэрдээтэ. И. Гоголев

сөрүөҥнэт

сөрүөҥнэт (Якутский → Якутский)

сөрүөҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Кини [бөрө] ыллыкка хоройон олорон, муннун сөрүөҥнэтэн сыт ыла-ыла олорбохтоото. Р. Кулаковскай

күөкэс

күөкэс (Якутский → Якутский)

күөкэй диэнтэн холб. туһ. [Моонньоҕоттор] моонньуларын куоҕатан иһиллээн, кэтэнэн олорбохтоотулар уонна чэпчэкитик устан күөкэстилэр. И. Гоголев
Күтүөттээх кийиит уһун остуол уһугар, көтөөрү гыммыт көҕөн кустуу, күөкэһэн олороллор. ДьИэБ

малбас гын

малбас гын (Якутский → Якутский)

малбай диэнтэн көстө түһүү. Эмээхсин умса тарааммыт баттаҕын арыйа тардынан, сирэйэ малбас гынан, кылар харахтарынан одуулаһан олорбохтоон баран кырыктаахтык ыйытта: «Бу эмиэ кимнээхтэрий?» Амма Аччыгыйа

нүрүт

нүрүт (Якутский → Якутский)

туохт. Төбөҕүн, көхсүгүн төҥкөччү тутун эбэтэр улаханнык бүк түс. ☉ Склонять, опускать голову и верхнюю часть туловища
Кыыс төбөтүн аргыый аллараа нүрүтэн олорбохтоон баран, ботугураата. Амма Аччыгыйа

батын

батын (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Туохтан эмэттэн аккаастан, буолунума. ☉ Отказаться от чего-л., выразить свое несогласие
Дьэ, онон, хайдах батыммыта буолары толкуйдаан, өйүгэр аттара санаан, оҕонньор саҥата суох чиҥии-чиҥии олорбохтоото. Н. Заболоцкай
Кыһалҕа ойуун ол тылы суруйартан кыккыраччы батынна. И. Гоголев

малҕаһый

малҕаһый (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Түргэн хамсаныылары оҥорон хаамп (сымнаҕас эттээх-сииннээх эмис, суон киһини этэргэ). ☉ Идти, двигаться быстрым шагом (о толстом, тучном человеке)
[Боллоорутта] тугу да өйдөөбөккө аппараҥныы олорбохтоон баран, ойон туран …… иэҕэспит кириэстэрдээх киһи уҥуоҕун диэки малҕаһыйа турда. Амма Аччыгыйа

ньукуччу

ньукуччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Кумуччу (тутун). ☉ Съёжившись, съёживаясь
Чыычаах [оҕо аата] иһин түгэҕин харбанан, сибилигин аҕай муустаах ууга сыгынньахтыы сөтүөлээн тахсыбыт киһилии, ньукуччу туттан, сирэйэ көҕөрө өлөн, бабыгырыы-бабыгырыы олорбохтоото. И. Гоголев

сыҥааҕырдаа

сыҥааҕырдаа (Якутский → Якутский)

туохт. Утуйуоххун баҕаран, айаххын атан, тыастаахтык салгынна эҕирий уонна төттөрү таһаар, дьааһый. ☉ Зевать
Нартаахап минньигэс бэйэлээхтик, уһуннук, холкутук сыҥааҕырдаан, көхсө утуйан барда. Т. Сметанин
Леночка өссө олорбохтуура, өрө тыынара, сыҥааҕырдыыра, туран тыыллаҥалыыра. В. Гаврильева