Якутские буквы:

Якутский → Русский

олоҥхоһут

олонхосут, сказитель олонхо.

Якутский → Якутский

олоҥхоһут

аат. Олоҥхону толорооччу. Олонхосут, исполнитель олонхо
Олоҥхоһут биир бэйэтэ үс идэни баһылыыра: ырыаһыты, поэты, артыыһы. Суорун Омоллоон
Олоҥхоһут …… Олбох булан олорор, сэлэһэргэ бэлэмнэр Сэргэх сээркээн сэһэннэр. С. Данилов
Мин төрөөбүт нэһилиэкпэр, Суоттуга, элбэх олоҥхоһут баара. С. Васильев
Кырдьаҕас олоҥхоһут кынаттаах санаата остуоруйаны олохтон кыайан араарбата. И. Данилов


Еще переводы:

сказитель

сказитель (Русский → Якутский)

м. сэһэнньит, олоҥхоһут, остуоруйаһыт.

олоҥхо

олоҥхо (Якутский → Английский)

n . epic poem; олоҥхоһут n. epic poet

остуоруйаһыт

остуоруйаһыт (Якутский → Якутский)

аат. Остуоруйа кэпсииргэ идэтийбит киһи. Сказочник
Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт буолар (өс хоһ.). Сорохторо буоллаҕына чаҥый чаҕаан Остуоруйаһыттар, олоҥхоһуттар. С. Данилов
Олоҥхоһут, остуоруйаһыт киһи эһиэхэ сылдьааччыта суох дуо? Н. Якутскай
[Ира] кэпсээнньит, остуоруйаһыт бастыҥа. Н. Заболоцкай

ардьаһыт

ардьаһыт (Якутский → Якутский)

аат. Ардьанан бултуур киһи. Тот, кто рыбачит вершой
[Урут уруккуттан] Иһитчит эмээхсинтэн Ийэ ууһа үөскүүрэ, Ардьаһыт оҕонньортон Аҕа ууһа тахсара, Олоҥхоһут ууһуттан Улуус, нэһилиэк тыллара. С. Васильев

дэгэттэн

дэгэттэн (Якутский → Якутский)

дэгэттээ диэнтэн бэй
туһ. Эльвира Ыларов хас хамсаныытын, кини хараҕа туох дэгэттэнэн оонньуурун сиһилии көрөр. Р. Баҕатаайыскай
Оһуохайы таһаарааччы, олоҥхоһут этэр тыллара эгэлгэ дэгэттэнэн, ураты дорҕооннонон иһиллибиттэрэ. «Чолбон»

кыыраҥнат

кыыраҥнат (Якутский → Якутский)

кыыраҥнаа диэн курдук
Быыраһыт тоҥуу хаарга кылыйан кыыраҥнатарыныы, олоҥхоһут, ырыаһыт эмиэ бугуһуйар, ыллаантуойан тыынын таһаарыан баҕарар идэлээх. Далан
Уолаттар кылыйан кыыраҥнаппыттара, хапсаҕайдаһан сылымнаппыттара. ССТ

соһумтах

соһумтах (Якутский → Якутский)

көр соһумтаҕай
Бүччүк Баһылай диэн …… биллэр олоҥхоһут уонна улахан соһумтах киһи этэ. Н. Заболоцкай
Уой-ой [уол аата] олус соһумтах, Ол-бу бэрт кыраттан Омуннурар киһибит. П. Тобуруокап

эппэхтээ

эппэхтээ (Якутский → Якутский)

эт I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Буруйдааччы даҕаны эппэхтиир уол түбэһэн этэн тыаһатта. Амма Аччыгыйа
Хоноһо, дьэ, доллоһутан эппэхтиир эристиин, олоҥхоһут киэнэ бэрдэ. Далан

анатыы

анатыы (Якутский → Якутский)

анат диэнтэн хай. аата. Бэһис куурустарга үлэҕэ анатыы бу тиийэн кэллэ
Баҕарбыт киһи барыта олоҥхоһут буолуон сөп дуу биитэр онуохаҕа айылҕаттан уратылаах анатыы, айдарыы наада буолар дуу? Г. Колесов

сэтиргээ

сэтиргээ (Якутский → Якутский)

туохт. Сэттэн-сэмэттэн, сэттээх буолуо диэн куттан, сэрэн. Опасаться, остерегаться возмездия, кары
Уулаах олоҥхоһут удаҕаны ырыатын сэтиргээн, ити ырыаҕа сөбүлэммэккэ хаалла. Эрилик Эристиин
Сэтиргээн, олорор сирдэрин тыатын саҕатыттан мас суулларбат буолаллара. БСИ ЛНКИСО-1994