сов. что 1. (создать, учредить) олохтоо, тэрий; основать музей музейда тэрий; 2. на чём (обосновать) олохтоо, тирэх-тээ; основать свой выводы на знании дела бэйэҥ түмүктэргин дьыаланы билиигэр олохтоо.
Русский → Якутский
основать
Еще переводы:
основывать (Русский → Якутский)
несов. см. основать.
төрүттээ= (Якутский → Русский)
1) основывать, создавать что-либо; куораты төрүттээ = основать город; үчүгэй үгэһи төрүттээ = создать хорошую традицию; 2) перен. начинать что-л., приступать к чему-л.; саҥа дьиэ тутуутун төрүттээ = начать строительство нового дома.
организовать (Русский → Якутский)
сов. и несов. 1. что (основать) тэрий; организовать кружок куруһуокта тэрий; 2. что (наладить) тэрий; организовать доставку дров оттор мас таһыытын тэрий; 3. кого-что (объединить) тэрий, түм; организовать молодёжь эдэр ыччаты түм; 4. что (упорядочить) тэрий, олохтоо; правильно организовать свой рабочий день бэйэҥ үлэҥ күнүн сөпкө тэрий.
оруннаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Олоҕун, оннун буллар; олохтоо. ☉ Поселить; основать, заложить основу (напр., новой жизни)
Ол дьон хорсун сырыылара уонна оҥорбут дьыалалара эн көлүөнэҥ дьоллоох олоҕун оруннаабыттара. А. Фадеев (тылб.)
2. түөлбэ. Утуйар таҥас, орон оҥорон биэр, утуйарга бэлэмнээ. ☉ Постелить кому-л., устроить кого-л. на ночлег. Хоноһону оруннаа
төрүттээ (Якутский → Якутский)
туохт. Туох эмэ саҥаны, урут суоҕу саҕалаа, тэрий. ☉ Положить начало чему-л., основать, создать что-л. Эһиги, Суола үрэҕи быһарга турунаҥҥыт, үтүө кэскиллээх дьыаланы төрүттээтигит. Амма Аччыгыйа
[Ойуунускай] сахалыы суругунан литератураны төрүттээбит суруйааччылары А.Е. Кулаковскай, А.И. Софроновы ураты талааннаах, ким да сотон кээспэт үтүөлээх бастакы хараҥаччылар быһыыларынан көрөрө. П. Филиппов
Күрэнчэ Боотур оҕолоро ууһаантэнийэн Өргүөт нэһилиэгин төрүттээбиттэрэ. МАП ЧУу
◊ Төлкөнү төрүттээ — кэскиллээҕи, аналлааҕы олохтоо, тэрий. ☉ Положить начало чему-л. светлому
Таптыыбын: Сандаалаах халлааннаах, Сардаҥа саргылаах Төрөөбүт кыраайбар Төннүбэт төлкөнү Төрүттүүр күрэхтээх, Төлөннөөх сүрэхтээх, Үтүөҕэ дьулуурдаах Үлэһит дьоннорбун. Күннүк Уурастыырап
олохтоо (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кимиэхэ эмэ олорор сирин, дьиэтин буллар, олохсут. ☉ Заселять, поселять кого-л. куда-л., определять кому-л. место для проживания. Омоҕой Баай уолун Эллэй уолаттара көйгөлөөн, илин булт сиригэр Аллан үрэҕэр олохтууллар
Саха фольк. Арыйаан түгэх хоско, Үүйэни олохтообут хосторугар киирэн, магнитофону оонньотто. Л. Попов
2. Дьиэ-уот тэринэригэр, кэргэн ылан туспа ыал буоларыгар көмөлөс, тэрий. ☉ Помочь кому-л. обзавестись семьёй, хозяйством
[Быыпсай:] Бу ийэҥ биһиги кырыйдыбыт, онон тыыннаахпытыгар эйигин олохтоон кэбиһээри гынабыт. А. Софронов
Оҕонньор дьиэлээх Оҕолорбутун олохтуохпут диэн, Урукку ыйга Омолуйбут тылгын Кирдиктэнэн кэллибит. С. Зверев
3. Тугу эмэ тэрий, олоҕун буллар. ☉ Устанавливать что-л.; организовывать что-л. Биһиги тэрилтэбитин 1935 сыллаахха олохтообуттара.
□ Бэрээдэги олохтуур туһугар Япония аармыйатын ыҥырбатын диэн эппитэ. Эрилик Эристиин
4. Төрүттээ, үөскэт (хол., куораты, бөһүөлэги). ☉ Основать (напр., город)
Хара тордох буруо тыыннаах собуоттардаах Баараҕай куораттары олохтоотубут. А. Абаҕыыныскай
Элбэх куолас кыайыытынан бөһүөлэги Лоҥкуудаҕа олохтуур туһунан уураах таҕыста. М. Доҕордуурап