даҕ.
1. Бэҕэһээ буолбут. ☉ Совершившийся, прошедший вчера, вчерашний
Ону-маны саныы олордоҕуна, бэҕэһээҥҥи суруксут уол тиэтэйэ-саарайа туорахачыйан кэлэн киирбитин кытта хатыыстаспытынан иһирдьэ көтөн түстэ. А. Софронов
« Эдьиэй, миэхэ кэһиигин кэмпиэт суута, кумааҕыта, харандааста ыытаар »,— диэн, хараҕыттан уу-хаар баһа, бэҕэһээҥҥи үлэҕин бигэргэтэ турбута. Күннүк Уурастыырап
2. Соторутааҕыта ааспыт. ☉ Прошедший, недавно приключившийся, недавний
Татым санаа! Сыыһа суол! Бэҕэһээҥҥи ааспыт түүн, Тимир сирдьит Хомсомуол, Эн бу күнүҥ — улуу күн!!! Эллэй
◊ Бэҕэһээҥҥи бэдик сэнээн. — олус эдэр (онон билбэтэ элбэх, олоххо үөрүйэҕэ суох диэн этии). ☉ Молокосос, сопляк
Бэҕэһээҥҥи бэдиктэр, эдэр булчуттар, баай хара тыа түгэхтэринэн эҥсэ сылдьаннар, тайаҕы, саһылы, бэдэри киллэрэллэр. Амма Аччыгыйа. Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски сэнээн. — олус эдэр (онон кыаҕа, билиитэ, үөрүйэҕэ суох диэн этии). ☉ Сопляк, молокосос, желторотик
Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски Бэрдимсийбэтин, Чугастааҕы чугуччу Чуубурҕаабатын, — Дьылҕа Тойон тыыннаах! Дьылҕа тойон күүстээх! П. Ойуунускай
Ээ, эһиги — бэҕэһээҥҥи бэтэнээскилэр — Тугу да билиэххитий! С. Данилов. «Оһохчут уола баҕас бардамнаабатын, — диэбиттэрэ Эбэ алааһын кырдьаҕастара. — Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски».В. Гаврильева. Бэҕэһээҥҥи саах үөнэ — сыыҥын соһо сылдьааччы; сыыҥтай (үөҕэн этии). ☉ Червь навозный, навозный жук (в качестве ругательства)
Бу хара ыттар, бу бэҕэһээҥҥи саах үөннэрэ, бу муҥнаан-сордоон эрдэхтэрин көрүҥ эрэ. Абатын да абатын! Күндэ
Ээ, күл эмэһэ, бэҕэһээҥҥи саах үөнэ, хаһан ол мин баттаан-атаҕастаан олорбуппун көрдүҥ! Күндэ